“Бу бэлиэ күнү хаһан да умнуом суоҕа”

“Бу бэлиэ күнү хаһан да умнуом суоҕа”

14.11.2024, 17:30
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ миэхэ умнуллубат үтүө күн буолан ааста. Учууталбын Валентина Семеновнаны кытары  сарсыарда эрдэттэн хомунан олохтоох дьаһалта массыынатынан Чөркөөххө айаннаатыбыт. Бу биһиги саха норуотун чулуу уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэри көрө, кытта бардыбыт.

Сарсыарда 10 чаастан Судаарыстыбаннас түмэлигэр «Былатыан Ойуунускай норуот сүрэҕэр!»  диэн быыстапка аһыллыыта буолла. Манна улуу киһиэхэ анаан ыытыллар үлэлэр тустарынан матырыйааллар, уус дьон Былатыан Ойуунускайы чочуйан оҥорбут үлэлэрэ тэлгэтиллибит. Норуот талааннааҕа биир дойдулаахпыт Люция Степановна Кривошапкина кылынан мэтириэтин оҥорбута саамай көстүүлээх сиргэ турарын көрөн үөрдүбүт, киэн тутуннубут. Өссө Үөһээ Бүлүүгэ олорбут Матырыас эмээхсин Ойуунускай репрессияламмыт кэмигэр «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» диэн  кинигэтин кистээн хоппотугар ууруна сылдьыбытын сэдэх эспэнээт быһыытынан уурбуттарын көрөн сөхтүм.

Салгыы төрөөбүт алааһыгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ тиийэн үөрэммит оскуолатыгар сырыттыбыт. Өйдөбүнньүгэр сүгүрүйэн сибэкки уурдубут. Төрөөбүт, улааппыт балаҕаныгар киирэн оттуллан турар көмүлүөккэ алаадьы биэрдибит. Түмэл дириэктэрэ Михаил Протодьяконов Былатыан Ойуунускай туһунан кэпсиирин иһиттибит.

Онтон Ытык Күөлгэ кэлэн, кини аатын сүгэр тыйаатырга «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» кинигэ  сүрэхтэниитигэр кытынным. Мин бу кинигэни 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан, учууталым Валентина Семеновна Кривошапкина сүбэтинэн аахпытым. Олус сөбүлээбитим, үгүс түгэҥҥэ хараастан, хараҕым да уута тахсан ылбыта. Онтон бу кинигэни анааран, дакылаат суруйбутум. Ону бэҕэһээ хомуйан оҥорбут ааптардар, тэрээһиҥҥэ мустубут  дьон иннилэригэр кэпсээтим. Бастаан наһаа долгуйан баран, дьон сэҥээрэрин, кэрэхсиирин көрөн уоскуйдум. Саас сааһынан холкутук кэпсээтим. Бу кинигэни филологическай наука доктора Варвара Борисовна Окорокова уонна «Айар» кинигэ кыһатын дириэктэрин  солбуйааччы,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Николаевич Луковцев хомуйан оҥорбуттар. Судургу өйдөнүмтүө тылынан суруллубут буолан, ааҕарга чэпчэки, олус интэриэһинэй.

Оҕолоор, бу кинигэни хайаан да булан ааҕыҥ, оччоҕо саха норуотун сырдыкка сирдээбит улуу киһибит Былатыан Ойуунускай туһунан олус элбэҕи билиэххит, кининэн киэн туттуугут улаатыа, үтүө холобур оҥостуоххут. Кэпсээн бүппүтүм кэннэ дьон махтанан, дохсун ытыс тыаһа ньиргийбититтэн уонна салайбыт учууталбын бар дьон иннигэр туруоран билиһиннэрбиттэриттэн наһаа үөрдүм.

Онон, бу бэлиэ күнү хаһан да умнуом суоҕа!

Орто Амма тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы Анна Ивановна Васильева массыынанан хааччыйан, көрөн-истэн, илдьэ сылдьан маннык дьоллоох түгэҥҥэ учууталым биһикки тиксибиппитигэр махтанабын.

Эмилия ФЕДОРОВА, Таатта, Харбалаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: