“Бу биһиэнэ – саха кыһына!”

Share

Светлана Бурцева-Суугунай Чараана Уус Алдан улууһун Бороҕонугар олорор, 1-кы Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээх. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах  социальнай-реабилитациялыыр киин стационарын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Идэтинэн саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.

25 сыл үөрэхтээһин эйгэтигэр  ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Айар үлэнэн дьарыктанар, хас да кинигэ ааптара. Кини айар үлэтин биир сонун өрүтүнэн алгыс тыллардаах, сиэр-майгы тиэмэтигэр кынаттаах  хоһооннор буолаллар. 2024 сыллаахха күн сирин көрбүт “Алгыс аргыстаах анабыллар” кинигэтигэр дьыл түөрт кэминэн, ыйдар сахалыы ааттарынан уонна дьоро күннэринэн тэттик хоһоонноро киирбиттэр.

Байанай ыйа – сэтинньи

Кыһыммытын илэ-бааччы саҕалаан,

Кырпай хаарынан ыһыахтанан,

Мастары халыҥ саҕынньахтаан,

Биһиэхэ кэллэ эбээт, доҕоттор!

Ол аата тымныы күүһүрүөҕэ,

Ол аата салгыммыт хойдуоҕа,

Эр дьоҥҥо булт саҕаланыаҕа,

Байанайбыт мичик гыныаҕа,

Сылыктыыр өйү сытыылыах,

Сахалыы толкуйу тобулуох,

Бэйэ кыаҕыттан тирэниэх,

Айылҕа кистэлэҥин таайыах,

Тапталы өрө тутан олоруох!

Хаартыска: М.Васильева (СИА)

Кыһыҥҥы кэс тыллар.

Хаарын илдьэ кэлбит

Кыһыны үөрэ көрсүөх,

Ону кытары кэлсибит

Тымныыны тулуйуох,

Дьиэ сылаас буоллун,

Сүрэх итии сырыттын!

Таһырдьа тоҥордун даҕаны,

Хаар сири маҥхаттын даҕаны.

Ол эрэн баттах маҥхайбатын дуу,

Ол эрэн сүрэх тоҥмотун дуу…

Хаары кытта кэлбит курдук

Ыраас, сырдык – барыта,

Ону кытары кэллиннэр дуу

Үтүө, кэрэ, күндү – барыта!

Баай Байанайбыт барахсан

Барыбытын маанылаатын,

Бары этэҥҥэ сылдьыахха,

Бары чэгиэн эрэ буолуохха!

Түһүөхчэ түспэт тымныыны

Кэтэһэбит эбээт күннэтэ,

Дьиҥнээх саха кыһынын

Күүтэбит эбээт, эрэҥкэдийэ!

Чугаһаатар чугаһыыр кэрэ күммүт илдьитэ –

Кэрэчээн харыйаны бары да симиибит,

Алыптаах киэһэни бары олус күүтэбит,

Дьиктини бэлэхтиэ, үөрүүбүтүн үрдэтиэ,

Оҕолуу итэҕэйэммит сэмээр кэтэһэбит!

Модун тымныы бохсуута

Куккун-сүргүн чаҕыппатын,

Будулҕан туман түһүүтэ

Өйгүн-санааҕын ыспатын!

Тохсунньу торулуур тымныыта

Тоҥорботун эрэл санааны,

Тулаҕар чыычаах ыллаатын,

Сүрэххэр сибэкки тылыннын!

Хаһааҥҥытааҕар да тымныйда,

Саха кыһына баарбын дэтиэҕэ,

Тымныытынан тургуттаҕа дуу,

Сайын саныахпыт буоллаҕа!

Саныыр санааҥ ыраас буоллун,

Оҥорор дьайыыҥ үтүө буоллун,

Барыта санаа хоту буоллун,

Барыта этэҥҥэ эрэ буоллун!

Тымныы – биһиги уратыбыт,

Тымныы – биһиги аргыспыт,

Тымныыны тулуйа үөрэниэх,

Тымныыттан дьоллоно үөрүөх!

Тымныы диэн саллымыах,

Сахалыы санааны салайыныах,

Күммүтүн көрбөт диэмиэх,

Сырдыгы бэйэҕэ сандаардыах!

Хаһааҥҥытааҕар да күүһүрбүт

Тымныыбытын тулуйуохха,

Хаһааҥҥытааҕар да күндүтүйбүт

Сыһыаммытын тупсарыахха!

Дьыбардаах сарсыарда тыынын

Сылаас сыһыанынан сымнатыах,

Тоһуттар тымныыбыт кылаанын

Үтүө санаабытынан уҕарытыах!

Тохсунньу торулас тымныыта,

Салгыммыт сирилэс тыаһа,

Бу дьиҥнээх кыһын бэлиэтэ,

Бу биһиэнэ – саха кыһына!

Тымныыны кытта кэлистин

Булгуруйбат кытаанах санаа,

Туохтан да чаҕыйбат дьулуур,

Тугу барытын кыайар тулуур!

Саҥа сылы эрэнэ күүтүөх,

Барыта этэҥҥэ буолуо диэх,

Саҥа дьылы үөрэ көрсүөх,

Барыта кэрэ буоллун диэх!

Саҥалыы эрчими ылыныах,

Саҥалыы толкуйу тобулуох,

Саҥалыы санаанан олоруох,

Саҥалыы дьолунан туолуох!

Саҥа дьылы көрүстүбүт,

Саҥа сылга үктэннибит,

Саҥа ыйы саҕалаатыбыт,

Саҥа кэми арыйдыбыт!

Сабыс-саҥа үүммүт дьылга

Саҥалыы санаанан олоруох,

Саҥа сылга кэлбит олоххо

Саҥалыы айан толкуйдуох!

Дьыбардаах сарсыарда тыынын

Сылаас сыһыанынан сымнатыах,

Тоһуттар тымныы кылаанын

Үтүө санаанан уҕарытыах!

Тымныы күүһүрбүт,

Туман да хойдубут,

Санааҕыт күүһүрдүн,

Соруккут хойуннун!

Кыһыммыт биир күнүн

Уруйдуу, үөрэ көрсүөх,

Кини чэбдик салгынын

Дуоһуйа эҕирийиэх!

Таһырдьа тахсан дьаарбайыах,

Тымныы диэн дьулайымыах,

Чэгиэн салгыны эҕирийиэх,

Эти-сиини чэбдигирдиэх!

Саҥа сылы саҥалыы саҕалыах,

Саҥа санаалардаах буолуох,

Саҥа барыллары оҥостуох,

Саҥа сыһыаннары олохтуох!

Дьоро күннэринэн эҕэрдэлэр

Ийэ буолуу – саҥа олоҕу биэрии,

Ийэ дэтии – үрдүк дьолго тиксии,

Ийэ үөрүүтэ – тэҥэ суох кэрэ түгэн,

Ийэ таптала – саамай күүстээх!

Ийэ баар саамай хорсун киһи,

Ийэттэн төрүүр киһи барыта,

Ийэттэн тахсар киһи барыта…

Ийэлэр күннэринэн!

*   *  *

Нап-нарыкаан бэйэлээх,

Чээлэй араҥасчай өҥнөөх,

Нуоҕайыаҕынан нуоҕайбыт,

Күөгэйиэҕинэн күөгэйбит,

Кыыс кэриэтэ кэрэтинэн

Аатырбыт чэчиктээхпит,

Куруутун тэтэрэ үүнүөхтүн

Сибэккилэр сибэккилэрэ,

Сардаана барахсан!

Сардаана сибэкки күнүнэн!

БЫҺААРЫЫ:

Суугунай Чараана – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Барҕарыы” национальнай пуонда стипендиата, “Саха сирин методиһа” анал бэлиэ хаһаайката, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Айар үлэҕэ ситиһиилэрэ:
-Саха оҕотун иитиигэ туһуламмыт элбэх барыл уонна бырайыак ааптара;
“Кэлэр кэскили быһымыах” кинигэ ааптара;
-“Кэскил түһэ” саха тылын түмсүүтүн салайааччыта;
-улуус айар куттаахтарын түмсүүтүн чилиэнэ;
-“Мүрү саһарҕата” хаһыат “Сыл бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ” бириэмийэтин лауреата;
-“Айыы арчыта” өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэҕин кыттыылааҕа, “Саха буоллаҕым” хоһооно биһирэбилгэ тиксибитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Биэс саастаах оҕо уһуйаантан баран хаалан, сэбиэдиссэй ыстарааптанна

Дьокуускайга уһуйаантан иитиллээччи бэйэтэ тахсан баран хаалан, сэбиэдиссэй административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Кини 10 тыһ.солк. ыстараабы…

19 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Афанасий Егоров: «Сахам сирин дьонугар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин»

Бу күннэргэ Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытыллар. Сүдү суолталаах тэрээһиҥҥэ илиҥҥи байыаннай уокуруктан…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Максим Бугулов: «Аҕа дойдубутун чиэстээхтик көмүскүү сылдьабыт»

Үөһээ Бүлүү улууһуттан сылдьар, 2022 сыллаахтан Аҕа дойдуну көмүскүү байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Максим Бугулов…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сылга 16,6 % улаатыаҕа

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6 % үрдүөҕэ уонна 22440…

1 час ago
  • Быһылаан

Светофор кыһыл уотугар суолга сүүрэн киирбит кыыһы массыына түҥнэри көттө

Бэҕэһээ, сэтинньи 4 күнүгэр, Дьокуускай киинигэр 14 саастаах кыыс светофор кыһыл уотугар суолга сүүрэн киирбитин,…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өлөөн оройуонун урбаанньыттара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү тиэртилэр

“Мин биисинэһим” киин байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар гуманитарнай көмөнү оҥорорго Өлөөн оройуонун урбаанньыттарын үбү…

3 часа ago