Салгыы
Бу күннэргэ халлаан +3 кыраадыска тиийэ сылыйыа

Бу күннэргэ халлаан +3 кыраадыска тиийэ сылыйыа

Ааптар:
06.11.2024, 18:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

 Уопсайынан сылыйар дуу, тымныйар дуу? Бу ханна 3 кыраадыска тиийэ сылыйарый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр тугу этэллэрий?

Сарсын улуустарга үксүлэригэр, Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар, Өлүөнэ алын тардыытынан, соҕуруу улуустарга кыралаан хаардыа. Кыралаан тыалырар, арҕаа улуустарга сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м диэри тыалырыа. Анаабырга, Булуҥҥа сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 20-25 м тиийэ тыалырар. Түүнүн -22-27°, халлаан дьайҕардаҕына -30-35°, хотугулуу-арҕаа -15-20°, арҕаа -8-13°, соҕуруулуу-арҕаа -3-8°. Күнүс -14-19°, илин -20-25°, хотугулуу-арҕаа -10-15°, арҕаа -1-6°, Ленскэй улууһугар -2,+3°.

Онтон сэтинньи 8-9 күннэригэр улуустарга үксүлэригэр эмиэ кыралаан хаардыа диэн иһитиннэрэллэр. Күнүс арҕаа, хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан, сэтинньи 9 күнүгэр киин улуустарга кыралаан инчэҕэй хаар түһүө. Соҕуруу улуустарга сорох сиринэн хаар хойуутук түһүө, сөкүүндэҕэ 9-14 м тыалырыа. Өлүөнэ алын тардыытынан сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээх тыалырар, хотугулуу-илин түүн -37-42° , арҕаа, соҕуруу улуустарга -3-8°, сорох сиринэн -11-16°, күнүс -10-15°, соҕуруу, арҕаа -3,+2°, хотугулуу-илин -22-27°.

+1
11
+1
2
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3
+1
9
Бары сонуннар
Салгыы
18 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: