Бу күннэргэ Дьокуускайга мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ хайдах үлэлииллэрий?
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 2024 сыл тохсунньу 8 күнүгэр диэри мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ үлэлиир эрэсиимнэрин туһунан иһитиннэрэр.
Поликлиникалар. Учаастактааҕы быраастар (терапевтар, педиатрдар, быраастар):
Күннэтэ өрөбүлэ суох 09.00 — 17.00 чч. диэри көрөллөр. Бырааһы дьиэҕэ ыҥырыы 09.00 — 16.00 ч. диэри. Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинин нүөмэрэ — 122.
Быраастар хамыыһыйалара, килиниичэскэй лабораториялар уонна да атын диагностическай сулууспалар, «узкай» исписэлиистэр 2024 сыл тохсунньу 3 уонна 6 күннэригэр көрүөхтэрэ. Маны сэргэ, ити күннэргэ профилактическай көрүү, диспансеризация, коронавирустаабыт дьону көрүү ыытыллыа. Бэрэбээскилиир уонна процедурнай хостор тэрилтэ туспа кыраапыгынан үлэлиэхтэрэ.
Травмпууннар. Оҕо отделениета
Өрөбүлэ суох суукканы эргиччи көрөллөр. Аадырыһа: Мэдиссиинэ национальнай киинин педиатрияҕа киинэ, Сэргэлээх ш., 2 дьиэ. Төлөпүөн: 39-50-35.
Улахан дьон отделениета. Өрөбүлэ суох суукканы эргиччи үлэлииллэр. Аадырыһа: П. Алексеев уул. 64/1. Төлөпүөн: 43-20-30
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата.
Суһал көмөнү өрөбүлэ суох суукканы эргиччи оҥороллор. Аадырыһа: Свердлов уул. 17. Төлөпүөн: 500-707
Стоматология
Дьокуускайдааҕы анал стоматологическай киин. Суһал көмө (күүскэ ыарыйдаҕына уо.д.а.) күн ахсын 09:00 — 15:00 ч. диэри. Аадырыстара: Свердлов уул. 3/2. Төлөпүөн: оҕо отделениетын регистратурата — 31-66-90, 32-78-02. Улахан дьон отделениетын регистратурата — 32-65-75, 32-79-01. «Суһал лииньийэ» төлөпүөнэ – 31-66-09
Суһал көмө
Өрөбүлэ суох, суукканы эргиччи. Төлөпүөн: 03 (стационарнай төлөпүөнтэн), 103 (суотабайтан). Маны сэргэ суһал көмөнү ыҥырарга -112 эрийиэххэ сөп.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эмкэ чэпчэтиилээх сурутууга кыһалҕалаах боппуруос үөскээтэҕинэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинигэр 8-800-100-14-03 нүөмэргэ эрийэргитигэр сүбэлиир.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: