Бу нэдиэлэҕэ “Абааһылаах Хаус” кэмиэдьийэ киинэ сүрэхтэниэ
26.03.2024, 19:00
Хаартыска: «Буойун устуудьуйа
Бөлөххө киир:
Кулун тутар 28 күнүгэр “Абааһылаах Хаус” диэн ааттамыт хоррор-кэмиэдьийэ киэҥ экраннарга сүрэхтэниэ. Киинэ режиссерунан Дьулусхаан Андросов үлэлээбит. Сүрүн оруолларга: Кеша Иванов, Илья Попов, Ева Шакор.
Хоррор-кэмиэдьийэ эрдэ Саха сиригэр уһулла илик киинэ жанра. Киинэ продюсера Степан Порядин бырайыак туһунан этэр:
— Бу дьоҕус бүддьүөттээх (мөлүйүөн солкуобай иһинэн), күлүүлээх эрээри кутталлаах киинэ. Жанрынан майгынныыр ханыыта диэн “Очень страшное кино” ыччат кэмиэдьийэтин ааттыахха сөп. Дьон күннээҕи түбүгүттэн кыратык аралдьыйан, сынньаннын диэн уһуллубут киинэ.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: