Бу сааскы билгэлэри кэтээн көрөөрүҥ эрэ
Таһырдьа, айылҕаҕа сылдьыы үксээбитинэн, сааскы кэмҥэ – дьыл баччатыгар сыһыаннаах билгэлэри билиһиннэрэбит. Төһө сөп түбэһэрин кэтээн көрөөрүҥ.
— Кус үөрэ халыҥ буоллаҕына, саас эмискэ кэлэр;
— кус этэ эмис буоллаҕына тымныы, хатааһыннаах саас буолар;
— ньургуһун, алтан от сааһыары сайын иккистээн таҕыстахтарына, өҥ сайын кэлэр;
— ньургуһун биир олохтон хойуутук (14-15) үүннэҕинэ, кэлэр сайын өҥ, үүнүүлээх буолар;
— ньургуһун саас эрдэлээн тахсан иһэн кэҕиннэҕинэ, кэлэр сайын тыаллаах-куустаах, хаҕыс, кураан буолар, өрт уота элбиир;
— ньургуһун сибэккитэ улахан уонна ньалҕаархай буоллаҕына, үчүгэй сайын үүнэр;
— ньургуһуна суох, үрүмэччи аҕыйах сааһыгар хара хапсыырдаах, тымныы, хаҕыс саас буолар;
— кэҕэ кэлэҕэйдиир буоллаҕына – сотору ардыыр;
— кэҕэ быыстала суох тохтообокко эттэҕинэ, кураан күннэр уһуннук тураллар;
— куһаҕан дьыл буолар сааһыгар кэҕэ аҕыйахтык этэр.
“Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн, И.Сосин, И.Неустроев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: