Бу сылга 8,5 тыһ. кэриҥэ киһи Арктика улуустарыгар диэри субсидиялаах билиэтинэн туһаммыт

Share

Ааспыт үс ый иһигэр 8452 киһи Арктика улуустарыгар диэри субсидиялаах билиэтинэн көппүт. Маныаха операторынан талыллыбыт “Полярные авиалинии” авиа хампаанньа 146 мөл. солк. туһаммыт. Ити туһунан өрөспүүбүлүкэ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Тустаах субсидиянан туһанааччылар Дьокуускай куораттан Арктика бары 13 улууһугар уонна төттөрү көтөллөр. Бу — Үрүҥ Хайа, Чокуурдаах, Сааскылаах, Зырянка, Эдьигээн, Муома, Өлөөн, Орто Халыма, Депутатскай, Тиксии, Баатаҕай, Уус Куйга, Саккырыыр, Черскэй.

Ордук элбэх суума дьон элбэхтик көтөр Баатаҕай, Тиксии уонна Орто Халыма хайысхаларыгар көрүллүбүтэ. Холобур, биир киһиэхэ Орто Халымаҕа диэри субсидия кээмэйэ 20600 солк. тэҥнэһэр, Тиксиигэ — 17800 солк., Баатаҕайга – 13800 солк. Субсидия көмөтүнэн билиэт сыаната ортотунан 60 % чэпчиир.

Ааспыт сылтан субсидиялаах билиэтинэн саастарыттан тутулуга суох Арктика улуустарын бары олохтоохторо, ону тэҥэ, “Земскэй дуоктар” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагырааманан үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэрэ туһанар кыахтаммыттара. Эрдэ 23-гэр диэри уонна 55-тэн үөһэ саастаахтар муус устар 1 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр диэри РФ олохтоохторо чэпчэтиинэн туһаналлара.

Бу сыалга анаан былырыын өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 600 мөл. солк. ыыппыттара, чэпчэтиилээх билиэти 34,5 тыһ. киһи атыыласпыта.

2022 сыл ахсынньытыгар, Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр, тустаах быраактыка 2023 сылга эмиэ салҕаныа диэн иһитиннэрбитэ. Быйыл Арктика улуустарыгар субсидиялаах билиэтинэн көтүүгэ анаан 600 мөл. солк. көрбүттэрэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

3 минуты ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

23 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

50 минут ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

2 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago