ВИДЕО: Бу сылга бүтэһик көмө госпиталларга сытар уолаттарга көттө
Саха сирин дьоно-сэргэтэ байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга уонна госпиталларга эмтэнэ сытааччыларга төһө кыахтааҕынан тиһигин быспакка көмөлөһөр.
Бүгүн быйылгы сылга бүтэһик гуманитарнай көмөнү, Москваҕа эмтэнэр уолаттарга анаан ыыттылар.
Саҥа дьылынан Абый улууһун Майыар орто оскуолатын оҕолоруттан «индигирка», балык искэҕэ, Аллараа Халыматтан кыһыллыбыт итиэннэ ыыһаммыт балык, Кэбээйиттэн эт, ыһаарыламмыт собо барда.
«Бу сарсыарда быйылгы сылга бүтэһик, уопсайа 11 миэстэ, 165 киилэ гуманитарнай көмө госпиталларга эмтэнэ сытар уолаттарга көттө. Уолаттар дойдуларын аһын аһаан күүс эбиниэхтэрэ, сэргэхсийиэхтэрэ. Түгэнинэн туһанан өрүү өйөбүл, көмө буолар дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит! Кэлэр сылга бииргэ буолуохпут, саҥа күүһүнэн уолаттарбытын өйүөхпүт, көмөлөһүөхпүт диэн эрэнэбин», — диэн Биир кэлим координационнай киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева махталын тиэртэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: