Бу сылга Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинэ олоххо киириэҕэ
Дьокуускайга Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуута салҕанар.
Улахан эбийиэк бу сыл бүтүүтэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. «Азия оҕолоро» оонньуулар саҕаланыытыгар эбийиэк тас өттө бэлэм буолуохтаах. Билигин уот-күөс, тыас-уус, мультимедиа тэриллэрин атыылаһыы үлэтэ түмүктэнэр.
Бу Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биир бөдөҥ култуурунай комплексынан буолуоҕа. Эбийиэк архитектурнай быһаарыыларынан эрэ буолбакка, Саха сирин тыйыс килиимэтин усулуобуйатыгар тутулларынан уратылаах. Соторутааҕыта тутуу ыытылла турар сиригэр тиийэн Ил Дархан бэдэрээччиккэ үлэни түргэтэтэргэ сорудахтаабыта.
Санаттахха, култуура баараҕай киинин иэнэ — 33 тыһ. кв м, үрдүгэ — 36, 7 м. Манна филармония, икки тыйаатыр, быыстапкалыыр уонна дьыалабыай тэрээһиннэри ыытар саалалар баар буолуохтара. Көрөөччүгэ 1530 миэстэлээх. Ону сэргэ кафе уонна ресторан баар буолаллара учуоттаммыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: