Бу сылга саамай намыһах биэнсийэ төһө буоларый?
Үүммүт 2026 сылга Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ. Ону тэҥэ, биэнсийэҕэ социальнай эбии төлөбүр эмиэ үрдээтэ. Өссө туох уларыйыы киирдэ?
2026 сылга биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:
- 1-кы зонаҕа — 28 775 солкуобай (хоту улуустарга);
- 2-с зонаҕа — 24 102 солкуобай.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, быйылгыттан биэнсийэлээххэ эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүрү социальнай көмүскэл управлениета буолбакка, Социальнай пуонда төлүүр буолар.
Эргэийиннээҕи социальнай эбии төлөбүр биэнсийэлээх биэнсийэтэ Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, эбии төлөнөр.
Ол эбэтэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү биэрэллэр. Саха сирин киин улуустарыгар бу суума 24 102 солкуобайга тэҥнэһэр. Онон бу сууматтан намыһах биэнсийэ суох буолуохтаах.
Өскөтүн биэнсийэ бу сууматтан намыһах буоллаҕына, сайабылыанньа суруйар наадата суох, Социальнай пуонда систиэмэтэ бэйэтэ булан, аныыр. Ыйытыылаах буоллаххытына, 8(800) 100-00-01 босхо нүөмэргэ эрийэн, билсиэххитин сөп.
Билигин бу эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүрү 39 тыһыынчаттан тахса киһи ылар. Бу төлөбүр биэнсийэни кытта тэҥҥэ түһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: