Бу сылга саамай намыһах биэнсийэ төһө буоларый?

Share

Үүммүт 2026 сылга Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ. Ону тэҥэ, биэнсийэҕэ социальнай эбии төлөбүр эмиэ үрдээтэ. Өссө туох уларыйыы киирдэ?

2026 сылга биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ:

  • 1-кы зонаҕа — 28 775 солкуобай (хоту улуустарга);
  • 2-с зонаҕа — 24 102 солкуобай.

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, быйылгыттан биэнсийэлээххэ эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүрү социальнай көмүскэл управлениета буолбакка, Социальнай пуонда төлүүр буолар.

Эргэийиннээҕи социальнай эбии төлөбүр биэнсийэлээх биэнсийэтэ Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, эбии төлөнөр.

Ол эбэтэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү биэрэллэр. Саха сирин киин улуустарыгар бу суума 24 102 солкуобайга тэҥнэһэр. Онон бу сууматтан намыһах биэнсийэ суох буолуохтаах.

Өскөтүн биэнсийэ бу сууматтан намыһах буоллаҕына, сайабылыанньа суруйар наадата суох, Социальнай пуонда систиэмэтэ бэйэтэ булан, аныыр. Ыйытыылаах буоллаххытына, 8(800) 100-00-01 босхо нүөмэргэ эрийэн, билсиэххитин сөп.

Билигин бу эрэгийиэннээҕи социальнай эбии төлөбүрү 39 тыһыынчаттан тахса киһи ылар. Бу төлөбүр биэнсийэни кытта тэҥҥэ түһэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алта сыл устата Саха сиригэр 147 саҥа уопсастыбаннай эйгэни арыйдылар

2019 сылтан 2025 сылга диэри Саха сиригэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Олох инфраструктурата” национальнай…

20 минут ago
  • Бырабыыталыстыба отчуота
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын отчуота олохсуйбут көрүҥүнэн ыытыллыаҕа

Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганнарын 2025 сыллааҕы отчуота урукку үгэһинэн ыытыллыаҕа, диэн өрөспүүбүлүкэ Ил…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайтан оройуоҥҥа барар оптуобустары тымныыттан тохтоттулар

Бэнидиэнньиккэ, тохсунньу 12 күнүгэр, Дьокуускайтан оройуоннарга сылдьар муниципалитеттар икки ардыларынааҕы оптуобустары тохтоттулар. Бу туһунан Саха…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биир кэлим босуобуйа суумата төһө буолла?

Саҥа 2026 сылга Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, ону тэҥэ, биир кэлим босуобуйа суумата…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев – Борокуруордары кытта

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Арассыыйа Федерациятын Борокуратууратын күнүнэн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыбыт. Ол туһунан…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бырааһынньык кэмнэригэр Саха сирин олохтоохторо түөкүттэргэ 6,3 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар

СӨ ИДьМ иһитиннэрэринэн, Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэргэ түбэһэн полицияҕа үҥсүү киллэрдэ. Уопсай…

3 часа ago