Бу тымныыларга үлүйэн балыыһаҕа киирээччи элбээтэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа Ожоговай киинин салайааччы Светлана Семенова иһитиннэрбитинэн, Дьокуускайга тыйыс тымныылар кэмнэригэр үлүйэн балыыһаҕа киирэр дьон ахсаана элбээтэ.
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 50-тан тахса киһи үлүйэн балыыһаҕа эмтэнэ сытар. «Билигин, 85 киһи балыыһаҕа эмтэнэр, кинилэртэн 50-тан тахса киһи тымныыттан эчэйиилээх. Биһиги Кииммит 50 куойкалаах, онтон эмтэнээччилэр ахсааннара итинтэн элбэх. Эмчиттэр кимиэхэ да аккаастаабаппыт. Сытан эрэ эмтэниигэ наадыйар дьону барыларын ылабыт”, — диэн Светлана Семенова эттэ.
Санатан эттэххэ, былырыын баччаларга 69 киһи Киин көмөтүгэр наадыйбыта. Саха сирин быраастара томороон тымныылар кэмнэригэр сэрэхтээх буоларга, күн-дьыл туругунан көрөн таҥарга, кырачааннарга уонна обургу оҕолорго тымныыга сылдьыы быраабылаларын хайаан да билиһиннэрэргэ ыҥыраллар.
Ордук уулуссаҕа итирик туруктаах сылдьар дьон Ожоговай кииҥҥэ киирэр кутталлаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: