Бу түүн магнитнай буурҕа түһэрэ күүтүллэр

Бүгүҥҥү күн чуумпутук саҕаламмытын үрдүнэн, түүн 00:00 чаастан Сиргэ магнитнай хамсааһыннар буолуулара улаатан барыаҕа: көрдөрүүлэр 4 баалга диэри үрдүөхтэрэ, бу араҕас таһымынан ааҕыллар уонна магнитосфера күүрүүлээх туруктааҕын көрдөрөр.
Исписэлиистэр дааннайдарынан, АП5 индекса 34-кэ тэҥнэһиэҕэ, оттон F10.7 көрдөрүүнэн радиация кээмэйэ 150 буолуоҕа. Бу көрдөрүүлэр күн сардаҥата сөптөөх кээмэйдээҕин уонна түүн чугаһыгар мөлтөх долгуйуулар буолуохтарын сөбүн туоһулууллар. Күн чуумпутук ааһар — 34% кэриҥэ, магнитосфера күүрүөн сөбө — 35%, оттон мөлтөх буурҕа буолуон сөбө — 31% тэҥнэһэр. Онон, алтынньы 18 күнүн сөбүгэр табыгастаах күнүнэн ааҕыахха сөп, ол эрээри киэһэтин дьон-сэргэ сылайыыны, төбө ыарыытын эбэтэр хаан баттааһынын хамсааһынын билиэхтэрин сөп.
Судургутук эттэххэ, магнитнай буурҕа — бу планета магнитнай хонуутун күүстээх «илгистиитэ» буолар. Күҥҥэ күүстээх эстии буолар, онтон Сир диэки иитиилээх чаастар сүүрээннэрэ, ол эбэтэр күн тыала диэн ааттанар, көтөн кэлэр. Бу сүүрээн биһиэхэ тиийэн кэллэҕинэ, биһиги магнитнай хонуубут, барабааны охсуу кэнниттэн, тириитэ хамсыырын курдук, долгуйан барар. Бу хамсааһыннар магнитнай буурҕа диэн ааттанар.
Магнитосфера күүрүүлээх кэмигэр дьон үксүгэр доруобуйалара айгырыыр:
- Төбө ыарыыта. Бу — ордук тарҕаммыт сибики.
- Хаан баттааһынын хамсааһына. Үксүгэр үрдүүр, ол эрээри эмискэ түһүөн эмиэ сөп.
- Сүрэх үлэтин кэһиллиитэ: сүрэх тэбиитэ түргэтээһинэ
- Сылайыы-элэйии: биллэр төрүөтэ суох уопсай мөлтөөһүн, түргэнник сылайыы.
- Мэйии эргийиитэ. Утуйар уу кэһиллиитэ: түүн утуйбакка эрэйдэнии, оттон күнүс утуктаан сылдьыы.
- Уйулҕа кэһиллиитэ: түргэнник кыыһырыы, айманыы, ньиэрбинэйдээһин.
- Сүһүөх уонна былчыҥ ньүөлүйэн ыалдьыыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: