Бу ыйга ас, уруу уонна  булчут диэн эйгэлэр сөп түбэһэллэр

Бу ыйга ас, уруу уонна  булчут диэн эйгэлэр сөп түбэһэллэр

Ааптар:
06.11.2023, 16:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Сэтинньини — Байанай ыйа. Дойду сахалара билигин да инньэ диэн ааттыыллар. Хотугу сахалар бу кэмҥэ бултууллар, ол иһин бу ыйы ох ыйа диэн ааттыыллар.

Сэтинньи ый аһа элбэҕинэн уратылынар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар,  тайахтыыллар, мас көтөрдүүллэр. Бу кэмҥэ уруулар, малааһыннар тэриллэллэр.

Сэтинньи — кыһыҥҥы ый. Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон,  саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.

Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибии түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр.

Сэтинньи ый Байанай таҥаралаах. Бу ыйга ас, уруу уонна  булчут диэн эйгэлэр сөп түбэһэллэр: 1995, 2007, 2019, 2031, 2043, 2055  уо.д.а.

Сэтинньи алгыһа

Аан дойдум

Аһылыннын,

Улуу далайым

Оломноннун.

Дом!

«Саха ыалын халандаара», 2023 сыл.
«Айар» кинигэ кыһата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: