Сэтинньини — Байанай ыйа. Дойду сахалара билигин да инньэ диэн ааттыыллар. Хотугу сахалар бу кэмҥэ бултууллар, ол иһин бу ыйы ох ыйа диэн ааттыыллар.
Сэтинньи ый аһа элбэҕинэн уратылынар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдүүллэр. Бу кэмҥэ уруулар, малааһыннар тэриллэллэр.
Сэтинньи — кыһыҥҥы ый. Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.
Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибии түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр.
Сэтинньи ый Байанай таҥаралаах. Бу ыйга ас, уруу уонна булчут диэн эйгэлэр сөп түбэһэллэр: 1995, 2007, 2019, 2031, 2043, 2055 уо.д.а.
Сэтинньи алгыһа
Аан дойдум
Аһылыннын,
Улуу далайым
Оломноннун.
Дом!
«Саха ыалын халандаара», 2023 сыл.
«Айар» кинигэ кыһата.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…