Салгыы
«Будем жить» бэстибээлгэ «Кыталыктаах кырдалым» киинэ икки наҕарааданы тутта

«Будем жить» бэстибээлгэ «Кыталыктаах кырдалым» киинэ икки наҕарааданы тутта

Ааптар:
26.08.2024, 20:15
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Будем жить» XIII норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин кыайыылаахтара билиннилэр.

Режиссер Михаил Лукачевскай «Кыталыктаах кырдалым» киинэ икки наҕарааданы ылла. Бу туһунан киинэ бэстибээлин саайтыгар биллэрдилэр.

Куонкурус бырагырааматыгар уус-уран, кылгас  уонна документальнай киинэлэри билиһиннэриитэ буолла. Бэстибээлгэ Арассыыйаттан, Белоруссияттан, Ирантан, Кыргызстантан, Узбекистантан кинематографистар кытыннылар. «Кыталыктаах кырдалым» киинэ дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлин бирииһин ылла. Ону сэргэ «Бастыҥ дебют»  бирииһэ киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут эдэр артыыс Михаил Слепцовка туттардылар.

Санаттахха, «Кыталыктаах кырдалым» киинэ Иван Дьячковскай-Кыталык Уйбаан «Кустугу ситтэрбиэн» кинигэтинэн уһуллубута. Кыталык Уйбаан бу бэйэтин олоҕун сэһэргиир сэһэнэ ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Иван Ушницкай эрэдээктэрдээх «Эдэр саас» хаһыакка аан бастаан  бэчээттэммитэ. Олус интэриэһинэйдик суруйар буолан, ааҕааччылар сэрийээл курдук, утаппыттыы умсугуйан аахпыттара.

Киинэҕэ ааспыт үйэ 60-с сыллара, оччотооҕу олох-дьаһах, дьиэ-уот, мал-сал олус итэҕэтиилээхтик көрдөрүллүбүттэр. Оҕо саас сылаас эйгэтэ, оҕолор истиҥ сыһыаннара, кыраттан да үөрэллэрэ-көтөллөрө, хомойоллоро, баҕа санаа күүһэ, булгуруйбат дьулуур, сырдык курус, аҕа-оҕо сыһыана, күһүҥҥү айылҕа кэрэтэ — бу барыта дириҥ ис хоһоонноох киинэҕэ баар. Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларыгар саамай сөптөөх киинэ тахсыбыт.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: