«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта. Олортон биирдэстэринэн Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка олорор «Бугул» позывнойдаах Максим Бугулов буолар. Кини ураты хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин «Хорсунун иһин», «Бахмуту ылыы иһин», Георгиевскай кириэс ураты бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.
Эйэлээх олоххо
Биһиги дьоруойбут кэпсээнэ атыттарга холобур буолар. Кини оҥорбут хорсун быһыылара саамай уустук да кэмҥэ киһи киһилии сиэрдээх буолуутун, ыарахан түгэннэргэ үтүө быһыыны оҥоруохха сөбүн көрдөрөллөр. Саха боотурдарын хорсун быһыылара дьону сомоҕолуурга, кинилэринэн, норуоттарынан киэн туттарга, патриотизмы, Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэргэ холобурунан буолаллар.
Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар диэн норуот бэргэн этиитэ баар. Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир буолар, уол оҕо эриллэн-эриллэн эр киһи буолар, эмиэ ол кэриэтэ Максим олоҕо эриэ-дэхси буолбакка, түһүүлээх да, тахсыылаах да кэмнэрдээҕэ. Олох очурдарыгар да оҕустаран ылбыттаах. Ол да буоллар, эйэлээх олоххо араас үлэҕэ эриллэн, кэлин тутууга үлэлээн, дьон тэҥинэн олоруох эбитэ буолуо да, атын суолу тутуспута. Күн аайы Украина балаһыанньатын туһунан сонуннар, элбэх билэр дьоно, табаарыстара суорума суолланыылара байыаннай дьайыыга барарга төрүөтүнэн буолбуттара. Дьоно ыытымаары, хаста эмэ төхтүрүйэн көрдөһөн көрбүттэр даҕаны, ылыммыт санаатын ыһыктыбакка, хантараак баттаһан, эр киһи ытык иэһин толоро байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар айаннаабыт.
Инники кирбиигэ
«Мин бэйэм өр толкуйданан баран ылыммыт быһаарыныым, Аҕа дойду иннигэр ытык иэспин толоруом диэн, онон бүтүөр диэри сылдьарга бэлэммин», – диир байыас.
Тиийээтин кытары икки нэдиэлэ устата сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дьарыктаммыттар, байыаннай үөрэҕи, хайдах хамсанары, харыстанары, бастакы көмөнү оҥорууну үөрэппиттэр. Билиҥҥи тиэхиньикэ, сэп-сэбиргэл уратытын, инники күөҥҥэ сылбырҕа, түргэн-тарҕан буолуу ирдэнэрин билбиттэр.
Байыас инники кирбиигэ Артемовскайы, ол эбэтэр Бахмуту ылыыга тиийбитэ, онно дьиҥнээх дьулаан киирсии саҕаламмыта. Бастаан тиийбит дьоҥҥо манныгы көрүү соһуччу уонна уйулҕатынан ылынара ыарахан этэ. Ол эрээри, бу ынырыктаах киирсиигэ кини дьиҥнээх боотур илбиһигэр уһуйуллубута.
Максим бэйэтин харыстаммакка, дойду уонна бойобуой доҕотторун иһин киирсиигэ буойун чаҕылхай хаачыстыбаларын көрдөрбүтэ: хорсун быһыыны, тулуурдаах буолууну уонна бэйэтин толук уурарга бэлэмин. Эт-хаан улахан эчэйиитин ылбыта. Кини байыаннай дьайыы маҥнайгы күннэриттэн дьиҥнээх байыас эрэ буолбакка, ыарахаттарга түбэспит табаарыстарыгар, доҕотторугар кыһаллар улахан сүрэхтээх киһи буоларын көрдөрбүтэ.
Соҕотоҕун оборуонаны тутуу
Биир эмиэ кырыктаах киирсии кэмигэр бары өлбүттэрин кэннэ, бааһыран баран оборуонаны соҕотоҕун тутан сыппытын бойобуой доҕотторо кэпсииллэр. Соҕотоҕун да хааллар, өстөөҕү утары ытыалаһа сыппыт. Кини көмөнү күүппүтүн, ол гынан баран, бу позицияҕа чугаһыыр олус уустугун өйдүүрэ – барыта өстөөх тиэхиньикэтэ, тааҥкалар уонна артиллерия төгүрүйэн ытыалыырыттан өй-мэй буолан ылбытын санаан курутуйан ылар.
«Саамай ыарахана – биир өлүүгэ сылдьар, быраат-убай курдук буолбут табаарыстаргын, бойобуой доҕотторгун сүтэрии буолар. Биһиги биир иһиттэн аһаан-сиэн, биир окуопаҕа сытан – бары биир киһи курдук этибит. Мин бааһыран баран соҕотоҕун хаалан оборуонаны тутан сыппытым, тулам барыта өстөөх, тыыннаах тахсыбат буоллум диэн симмэр түһэн, туох баарбынан ытыалаһа сыппытым. Өлөр буоллум диэн уолаттарбарбыныын араассыйанан быраһаайдаспытым. Биир түгэҥҥэ олорон кэлбит олоҕум, дьонум-доҕотторум харахпар көстөн ааспыттара. Хата, уолаттарым миигин быыһыы, өстөөх лииньийэтин туораан, көмөлөһө кэлбиттэрэ. Онон сахам уолаттарыгар улаханнык махтанабын», – диэн байыас махталын тириэрдэр.
Олоҕу көрүү
Байыас онно сылдьан олоҕу көрүү уларыйарын этэр. Бастатан туран, киһи ис туруга уларыйар, урут аанньа аахайбат түгэннэргэр атыннык сыһыаннаһар эбиккин диир.
«Киһини олох ыарахан усулуобуйата, байыаннай олох уларытар. Олох онно барыбытыгар – биир. Ол эрээри туох эрэ саҥа хаачыстыба буолбакка, искэр иитиэхтии сылдьыбытыҥ, арааһа, күүһүрэр быһыылаах. Кытаанах киһи санаата өссө кытаатар, бөҕөхсүйэр дии саныыбын. Онно ыарахан, ол эрээри байыаннай дьайыыттан төннөр өссө ыарахан. Доруобуйалара, уйулҕалара эчэйэн кэлэр. Эйэлээх олоххо олорорго бириэмэ наада. Мин билигин төннөн кэлэн олохпун оҥостуохпун, дьиэ-уот тэриниэхпин баҕарабын».
Барааччыларга баҕа санаа
Максим Бугулов хантараак баттаһан саҥа барар дьоҥҥо, кытаанах санаалаах, туохтан да чаҕыйбат буоллаххытына эрэ барыаххытын наада диэн этэр.
«Бастатан туран, ырааҕы-киэҥи толкуйдаан, сөптөөх быһаарыныыны ылынным диэн өйдүөххүтүн наада. Эр киһи быһыытынан, барабыт диэн быһаарынныгыт даҕаны, чугуйар санаа суох буолуохтаах. Дьулуурдаах, тулуурдаах буоллаххытына, бойобуой доҕоттор хайаан да көмөлөһүөхтэрэ. Кылаабынайа, бу билигин чахчы олус наадалааҕын өйдүөххэ наада», – диир байыас.
Эрдэттэн эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх, өй-санаа өттүнэн күүстээх буолуҥ, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа төбөҕүтүн өрө көтөҕөн иннигит диэки баран иһиҥ, диир байыас.
Гуманитарка абырыыр
Саха сириттэн элбэх гуманитарнай көмө кэлэрин байыас бэлиэтиир. Сахалар түмсүүлээхтэрин, уустук түгэннэргэ көмөҕө кэлэллэрин, албан аакка дьулуспакка, дууһаларын уонна сүрэхтэрин баҕатынан көмөлөһөллөрүн киэн тутта кэпсиир.
«Саха сириттэн тиһигин быспакка көмө тиийэ турар. Ас-үөл, маскировочнай сиэккэлэр, байыаннай тиэхиньикэ, о.д.а. Госпиталларга бааһыран киирбит уолаттарга ас-таҥас таһар киин куораттарга олохсуйбут волонтердарга туспа махталбын тиэрдэбин. Эһиги көмөҕүт биһиэхэ олус наадалаах. Маннык тыылга көмөлөөх аармыйа өлөн-охтон биэриэ суоҕа, Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуо!» – диэн Максим Бугаев этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: