«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Share

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта. Олортон биирдэстэринэн Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка олорор «Бугул» позывнойдаах Максим Бугулов буолар. Кини ураты хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин «Хорсунун иһин», «Бахмуту ылыы иһин», Георгиевскай кириэс ураты бэлиэтинэн наҕараадаламмыта.

Эйэлээх олоххо

Биһиги дьоруойбут кэпсээ­нэ атыттарга холобур буолар. Кини оҥорбут хорсун быһыылара саамай уустук да кэмҥэ киһи киһилии сиэрдээх буолуутун,  ыарахан түгэннэргэ үтүө быһыыны оҥоруохха сөбүн көрдөрөллөр. Саха боотурдарын хорсун быһыылара дьону сомоҕолуурга, кинилэринэн, норуоттарынан киэн туттарга, патриотизмы, Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэргэ холобурунан буолаллар.

Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар диэн норуот  бэргэн этии­тэ баар. Тимир эллэнэн-эл­лэнэн тимир буолар, уол оҕо эриллэн-эриллэн эр киһи буолар, эмиэ ол кэриэтэ Максим олоҕо эриэ-дэхси буолбакка, түһүүлээх да, тахсыы­лаах да кэмнэрдээҕэ. Олох очурдарыгар да оҕустаран ылбыттаах. Ол да буоллар, эйэлээх олоххо араас үлэҕэ эриллэн, кэлин тутууга үлэлээн, дьон тэҥинэн олоруох эбитэ буолуо да, атын суолу тутуспута. Күн аайы Украина балаһыанньатын туһунан сонуннар, элбэх билэр дьоно, табаарыс­тара суорума суолланыылара байыаннай дьайыыга барарга төрүөтүнэн буолбуттара. Дьоно ыытымаары, хаста эмэ төхтүрү­йэн көрдөһөн көрбүттэр даҕаны, ылыммыт санаа­тын ыһык­тыбакка, хантараак баттаһан, эр киһи ытык иэһин толоро ба­­йыаннай дьайыы сиригэр-уотугар айаннаабыт.

Инники кирбиигэ

«Мин бэйэм өр толкуйданан баран ылыммыт быһаарыныым, Аҕа дойду иннигэр ытык иэспин толоруом диэн, онон бүтүөр диэри сылдьарга бэлэммин», – диир байыас.

Тиийээтин кытары икки нэдиэлэ устата сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дьарыктаммыттар, байыаннай үөрэҕи, хайдах хамсанары, харыстанары, бастакы көмөнү оҥорууну үөрэппиттэр. Билиҥҥи тиэхиньикэ, сэп-сэбиргэл уратытын, инники күөҥҥэ сылбырҕа, түргэн-тарҕан буолуу ирдэнэрин билбиттэр.

Байыас инники кирбии­гэ Артемовскайы, ол эбэтэр Бахмуту ылыыга тиийбитэ, онно дьиҥнээх дьулаан киирсии саҕаламмыта. Бастаан тиийбит дьоҥҥо манныгы көрүү соһуччу уонна уйулҕатынан ылынара ыарахан этэ. Ол эрээри, бу ынырыктаах киирсиигэ кини дьиҥнээх боотур илбиһигэр уһуйуллубута.

Максим бэйэтин харыс­таммакка, дойду уонна бойо­буой доҕотторун иһин киирсии­гэ буойун чаҕылхай хаачыс­тыбаларын көрдөрбүтэ: хорсун быһыыны, тулуурдаах буолууну уонна бэйэтин толук уурарга бэлэмин. Эт-хаан улахан эчэйии­тин ылбыта. Кини байыан­­най дьайыы маҥнайгы күннэриттэн дьиҥнээх ба­­йыас эрэ буолбакка, ыарахаттарга түбэспит табаарыстарыгар, доҕотторугар кыһаллар улахан сүрэхтээх киһи буоларын көрдөрбүтэ.

Соҕотоҕун оборуонаны тутуу

Биир эмиэ кырыктаах киирсии кэмигэр бары өлбүттэрин кэннэ, бааһыран баран оборуо­наны соҕотоҕун тутан сыппытын бойобуой доҕотторо кэпсииллэр. Соҕотоҕун да хааллар, өстөөҕү утары ытыалаһа сыппыт. Кини көмөнү күүппүтүн, ол гынан баран, бу позицияҕа чугаһыыр олус уустугун өйдүүрэ – барыта өстөөх тиэхиньикэтэ, тааҥкалар уонна артиллерия төгүрүйэн ытыалыырыттан өй-мэй буолан ылбытын санаан курутуйан ылар.

«Саамай ыарахана – биир өлүүгэ сылдьар, быраат-­убай курдук буолбут табаарыстаргын, бойобуой доҕотторгун сүтэрии буолар. Биһиги биир иһиттэн аһаан-сиэн, биир окуо­паҕа сытан – бары биир киһи курдук этибит. Мин бааһыран баран соҕотоҕун хаалан оборуо­наны тутан сыппытым, тулам барыта өстөөх, тыыннаах тахсыбат буоллум диэн симмэр түһэн, туох баарбынан ытыалаһа сыппытым. Өлөр буоллум диэн уолаттарбарбыныын араассыйанан быраһаайдаспытым. Биир түгэҥҥэ олорон кэлбит олоҕум, дьонум-доҕотторум харахпар көстөн ааспыттара. Хата, уолаттарым миигин быыһыы, өстөөх лииньийэтин туораан, көмөлөһө кэлбиттэрэ. Онон сахам уолаттарыгар улаханнык махтанабын», – диэн байыас махталын тириэрдэр.

Олоҕу көрүү

Байыас онно сылдьан олоҕу көрүү уларыйарын этэр. Бастатан туран, киһи ис туруга уларыйар, урут аанньа аахайбат түгэннэргэр атыннык сыһыаннаһар эбиккин диир.

«Киһини олох ыарахан усулуобуйата, байыаннай олох уларытар. Олох онно барыбытыгар – биир. Ол эрээри туох эрэ саҥа хаачыстыба буолбакка, искэр иитиэхтии сылдьыбытыҥ, арааһа, күүһүрэр быһыылаах. Кытаанах киһи санаата өссө кытаатар, бөҕөхсү­йэр дии саныыбын. Онно ыарахан, ол эрээри байыаннай дьа­йыыттан төннөр өссө ыарахан. Доруобуйалара, уйулҕалара эчэйэн кэлэр. Эйэлээх олоххо олорорго  бириэмэ наада. Мин билигин төннөн кэлэн олохпун оҥостуохпун, дьиэ-уот тэри­ниэхпин баҕарабын».

Барааччыларга баҕа санаа

Максим Бугулов хантараак баттаһан саҥа барар дьоҥҥо, кытаанах санаа­лаах, туохтан да чаҕыйбат буоллаххытына эрэ барыаххытын наада диэн этэр.

«Бастатан туран, ыраа­ҕы-киэҥи толкуйдаан, сөптөөх быһаарыныыны ылынным диэн өйдүөххүтүн наада. Эр киһи быһыытынан, барабыт диэн быһаарынныгыт даҕаны, чугуйар санаа суох буо­луохтаах. Дьулуурдаах, тулуурдаах буол­лаххытына, бойобуой доҕоттор хайаан да көмөлөһүөхтэрэ. Кылаабынайа, бу билигин чахчы олус наадалааҕын өйдүөххэ наада», – диир байыас.

Эрдэттэн эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх, өй-санаа өттүнэн күүстээх буолуҥ, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа төбөҕүтүн өрө көтөҕөн иннигит  диэки баран иһиҥ, диир байыас.

Гуманитарка абырыыр

Саха сириттэн элбэх гуманитарнай көмө кэлэрин ба­­йыас бэлиэтиир. Сахалар түмсүүлээхтэрин, уустук түгэннэргэ көмөҕө кэлэллэрин, албан аакка дьулуспакка, дууһаларын уонна сүрэхтэрин баҕатынан көмөлөһөллөрүн киэн тутта кэпсиир.

«Саха сириттэн тиһигин быспакка көмө тиийэ турар. Ас-үөл, маскировочнай сиэк­кэлэр, байыаннай тиэхиньикэ, о.д.а. Госпиталларга бааһыран киирбит уолаттарга ас-таҥас таһар киин куораттарга олохсуйбут волонтердарга туспа махталбын тиэрдэбин. Эһиги көмөҕүт биһиэхэ олус наада­лаах. Маннык тыылга көмөлөөх аармыйа өлөн-охтон биэриэ суоҕа, Кыайыы ха­­йаан да биһиэ­нэ буолуо!» – диэн Максим Бугаев этэр.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

16 часов ago