Саха сиригэр бөрө тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ночооту таһаарар, дьоҥҥо да кутталы үөскэтиэн сөп. Онон СӨ Экологияҕа министиэристибэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар булт баайын ахсаанын сүрүннүүр миэрэлэр тустарынан” бирикээһигэр олоҕуран, бу адьырҕа кыыллар ахсааннарын сүрүннүүллэр.
Бөрөлөр ахсааннарын сүрүннүүр үлэни тэрийиинэн “Биологическай ресурсалар, ураты харыстанар айылҕалаах сирдэр уонна аан айылгылар дириэксийэтэ” СӨ СБТ Булт кыылын-сүөлүн харыстыыр управлениета дьарыктанар. 2024 сыл алтынньы ыйтан 2025 сыл муус устар ыйга диэри булчут-бөрөһүттэр 35 идэтийбит биригээдэлэрэ уонна 4 мобильнай биригээдэ тэрилиннэ. Маннык биригээдэлэр бу кыыллар ордук элбээбит сирдэринэн көрөн тэриллибиттэрэ көдьүүстээх буолуоҕа.
Ааспыт сылга тэрээһиннээх үлэ түмүгэр 209 бөрө бултаммытын туһунан тустаах управление иһитиннэрдэ. Билигин бөрөһүттэр бу кыылы сонордоһоллор.
Ыытыллыбыт үлэ түмүгүн муус устар ый саҥатыгар Саха сиригэр ыытыллар Булчут күнүгэр таһаарыахтара. Онно куруук бөрөһүттэри түмэн, сэминээр тэрийэр, уопут атастаһар үтүө үгэс олохтоммута. “Саха сирэ” хаһыат эмиэ бөрөһүттэр тустарынан тиһиктээхтик сырдатар.
Хаартыска: С.Архипов ыытта.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн…
Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…
Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…
Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу…
Тохсунньу 17 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир уорганнарыгар киин куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах…
Кириһиэнньэ кэмигэр, тохсунньу 18-19 күннэригэр, таҥара дьиэтигэр иһиттээх тиийэн сибэтиэй ууну ылыы, чардаат алларан ууга…