ДЬАХТАР САТААБАТА СУОХ: БУЛЧУТ ДАЛБАР ХОТУН
Эдьигээн национальнай эбэҥки оройуона урут-уруккуттан ураты айылҕалаах, эйгэлээх, бултаах-алтаах, туруу үлэһитинэн аатырар сиринэн биллэр. Бу улууска кыралыын-улаханныын, эр киһилиин-дьахтардыын бары булдунан утумнаахтык дьарыктаналлар.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн хаһаайката Лена Львова Эдьигээҥҥэ баһаарынай чааска диспиэччэринэн үлэлиир, түөрт оҕотун көрөрүн-иитэрин быыһыгар, иллэҥ кэм көһүннэ эрэ бултуур-балыктыыр ураты дьарыктаах. Уоппускатын кэмигэр, саас, сайын, күһүн кустуур дьарыктаах. Ленаны бултуурга бастаан кэргэнэ Петр уһуйбут. Онтон сааҕа көҥүл ылан, билигин мас көтөрүгэр, куска бэйэтэ сылдьар. Үксүн саас эр дьону кытары тэҥҥэ «кус абылаҥар» ылларар, булчут хаана оонньоон барар эбит.
«Көҥүл ылан баран тута «Stoeger» саа ылыммытым, онтон ыла кустуубун, андылыыбын, күһүн мас көтөрүн ытабын. Кус ураты туспа абылаҥнаах, сезон буолла даҕаны өрө мөхсө түһэбит. Улахан булка өссө бара иликпин. Мантан инньэ көстөн иһиэ буоллаҕа. Кэргэммин кытары биир сиргэ үлэлиир буоламмыт, биир интэриэстээхпит. Өссө биир сөбүлүүр дьарыгым балыктааһын. Кус сезонунан бултанар буолан, үксүн балыктыыбын. Күһүн сэтинньигэ күндүөбэйдиибит, сайын күөгүнэн, күһүн, кыһын, саас мормышканан муус аннынан балыктыыбыт, көҥүллээх кэмҥэ илимниибит. Бу соторутааҕыта аны чуучала оҥорорго үөрэммитим. Онон кыра-кыралаан булпунан чуучала оҥорон саҕалаатым. Сыыйа барыта сатанан иһиэҕэ дии саныыбын», – диэн хоту дойду хоһуун кыыһа Лена санаатын үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: