Булчут кыл мүччү торҕоннообут тыатааҕыттан быыһанна…

Share

Уус Маайа улууһун Эльдикан сэлиэнньэтин 57 саастаах олохтооҕо Сергей Канаревскай кыл мүччү торҕоннообут тыатааҕыттан быыһанна.

Эр киһи СИА-ҕа кэпсээбитинэн, бүтэһик сөкүүндэҕэ харабыын саатын иитэ охсон, утары сүүрэн иһэр тыатааҕыны ытан өлөрбүт.

Сергей Канаревскай уопуттаах булчут, араас кыыллары, ол иһигэр эһэни бултуур. СИА кэрэспэдьиэнигэр кэпсээбитинэн, булчут адьырҕа кыылы тыаҕа хас да төгүл көрбүт эрээри, үгүс кэриэтэ  мэлдьи эйэ дэмнээхтик тарҕаһаллар эбит.

«Алтынньы 13 күнүгэр үлэбэр Эльдикан-Югоренок трасса суолун 35-с км тохтобулун уонна карьерын аттыгар улахан тыатааҕыны көрбүттэрин туһунан сэрэппиттэрэ. Биир идэлээҕим онно леснигы кытта тахса көрдүү сылдьыбыттара. Нэдиэлэ буолан баран, кыыл хайыы-үйэ арҕахха киирбитэ буолуо диэн 19 чыыһылаҕа киискэ хапхаан иитэргэ санаммытым. Сэрэххэ «Вепрь-308» харабыын саабын уонна саҥа кутуллубут ботуруоннарбын илдьэ барбытым. Соҕотоҕун. Ол кэмҥэ торҕоннообут тыатааҕы тыаттан ханна да барбатах, баар эбит», — диэн Сергей Канарев кэпсиир. Эһэ үгүс дьон-сэргэ урут көрөн аһардыбыт сириттэн ырааҕа суох сиргэ булчукка саба түспүт.

«Тыатааҕыны хараҕым кырыытынан мүччү көрбүтүм. Ол кэмҥэ көхсүбүнэн турбутум буоллар, тыыннаах хаалыам суоҕа эбитэ буолуо. Эһэ олус түргэнник сабардаан кимэн кэлбитэ. Ханна да саһар сирэ суох буоламмын, харабыын саабын харбаан ылан, ххатын сулбу тардан да ылбакка, тыатааҕы диэки туһаайан ыппытым. Адьырҕа кыыл бу аҕыйах сөкүүндэ аҕай иннинэ турбут сирбэр тыына быстан охтубута. Бу бөрүкүтэ суох быһыы-майгы буолбута. Барыта чыпчылыйыах түгэҥҥэ. Билигин Байанайым миигин тургутан көрбүтэ буолуо дии саныыбын», — диэн эр киһи эттэ. Кэлин быыһаммыт сириттэн тахсан мобильнай сибээс хабар сириттэн быраатыгар эрийбит.

«Тыатааҕы олус улахан эрээри, ырыганнаабыта көстөр. Ыйааһына 150 кг. Арҕахха киириэн иннинэ ситэ сыатын хаһааммакка, аччыктаан кырыктыйан олус кутталламмыт көрүҥнээҕэ. Ол тохтобулга кими эмит суолга сырсан алдьархай быһыы тахсыа эбит», — диэн эр киһи хараастар.

What’s your Reaction?
+1
30
+1
0
+1
0
+1
0
+1
17
+1
3
+1
9

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

43 минуты ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

13 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

13 часов ago