«Булчут күнүгэр» оленегорскайдар кыайдылар
Бэҕэһээ Аллайыахаҕа «Булчут күнэ» бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна. Өтөрүнэн буолбатах сылаас күн туран, ириэрэн соһутта.
Булчуттар күннэрэ Аллайыаха улууһун бары булчуттарыгар уонна улууска биллэриллибит Успуорт сылыгар ананна.
Түөрт хамаанданан спортиҥҥа, биатлоҥҥа, сыал ытыытыгар, мас эрбээһинигэр, ойбон алларыытыгар, ууну баһыыга күрэхтэстилэр. Булт быраабылатыгар викторина ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Сүүрүүлээх-көтүүлээх, ыһыылаах-хаһыылаах эстафета буолла.
Уопсай түмүккэ Оленегорскай хамаандата эрэллээхтик кыайда. ПЧ-2 хамаанда (баһаарынай чаас) — иккис, ПЧ-1- үһүс, Чокуурдаахтааҕы РЭС — төрдүс. Викторинаҕа Чокуурдаахтааҕы РЭС бастаата.
Ытыыга Андрей Киселев кыайда, Василий Голиков икки бирииһи ылла.
Ыраах, уустук суоллаах-иистээх улууска күрэхтэһиилэри тэрийэргэ спонсордар оруоллара олус улахан. «Булчут күнүгэр» улуус урбаанньыттара күүскэ көмөлөстүлэр. Ол курдук, Бережнов С.В., Гуслева Г.В., Халтурин Ю.В., Федоров Н.А., Киселева Т.В., Казаков О.И., Фролова И.Н. ИП-лар , «Чокур+» ХЭТ.
Ону тэҥэ улуус дьаһалтата, Чокуурдаахтааҕы РЭС, Аллайыахатааҕы экология иниспиэксийэтэ, Тыа хаһаайыстыбатын управлениета, «Чокурдах» фактория көмөлөстүлэр. «Русскай Устье», «Эйни» общиналар, улуус булчуттара спонсордаатылар. А.А. Суздалова, Т.Г. Стрюкова бэйэлэрин үптэринэн кыттыстылар.
Тырааныспарынан, тэриллэринэн «Кыталык» национальнай паарка, Экология иниспиэксийэтэ көмөлөстүлэр.
Киселев аатынан спорткомплекс үлэһиттэрэ тэрээһини бэркэ тэрийдилэр.Оленегорскай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Петр Аржаков күрэхтэһиини бэрт сэргэхтик салайда.
Бу күн Биэнсийэлээхтэр сэбиэттэрэ ас бөҕө астаан, атыылаата. Киллэрбит үптэриттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ көмө быһыытынан ыытыахтара.
Ити курдук, бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: