Саха сиригэр Булчут күнүн көрсө тэрээһиннэр хайы-үйэ саҕаланнылар. Ол курдук, “Булчут сэһэнэ” диэн үүтээн кэпсээнигэр майгынныыр куонкурус онлайн эрэсииминэн ыытыллыаҕа. Бу куонкуруһу СӨ булчуттарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, уопсастыбанньык Н.Е.Колодезников тэрийэр.
Улуустарга «Байанай» күрэхтэһиилэрэ буолуоҕа. Ол кэнниттэн муус устар 5-6 күннэригэр куорат таһынааҕы Хатас сэлиэнньэтигэр “Байанай” XXVII өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ бастыҥ хамаандалар түмсүөхтэрэ. Манна бинтиэпкэнэн ытыыга, стендовай ытыыга, Калашников аптамаатын хомуйууга, Булт быраабылатын билиигэ уо.д.а. күрэхтэһиэхтэрэ. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин мунньахтыыр саалатыгар бөрөһүттэр сэминээргэ түмсэн, ким төһө ардай аһыылааҕы бултаабытын, кыһалҕаларын туһунан ирэ-хоро кэпсэтиэхтэрэ, уопут атастаһыахтара.
Муус устар 6 күнүгэр Дьокуускайга Комсомол болуоссатыгар булчут ыттары көрүөхпүт. Бу быыстапка кэмигэр “СӨ уустарын сойууһа” булчуттарга олус наадалаах саха быһаҕын көрүү-быыстапкатын ыытыаҕа.
Эмиэ бу күн Хатаска “Угуйуу-2024” күрэхтэһиитэ күүтүллэр.
“СӨ Хайа булчуттарын кулууба” уопсастыба көмөтүнэн булчуттар трофейдарын быыстапкатыгар сэдэх трофейдары көрдөрүүгэ туруоруохтара.
Муус устар 7 күнүгэр “Сулус” ытар сиргэ “Охотничий снайпинг 2024” диэн бэргэнник ытар булчуту быһаарар күрэхтэһии буолуоҕа. Төрөөбүт айылҕаларыгар сүгүрүйэр, Баай Байанай өрүү мичик гынар дьоно – булчуттар Хатас сэлиэнньэтигэр “Тускул” култуура киинигэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустуохтара.
Онон Булчут күнэ олус киэҥ уонна баай ис хоһоонноох буолара күүтүллэр.
Хаартыска: “Илин эҥээр бөрөһүттэрэ” түмсүү
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…