Булчуттарга саҥа судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ киириэҕэ

Share

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев  бырабыыталыстыбаҕа былаанныыр мунньаҕы ыытта. 

Айсен Николаев быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүгүн таһаарда. Пуорумҥа киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыбытын кини бэлиэтээтэ. Улахан суолталаах сөбүлэһиилэргэ илии баттаспыттар, кэккэ көрсүһүүлэр буолбуттар. Пуорум түмүгүнэн Ил Дархан кэккэ сорудахтары биэртэлээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү, сылгы аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньата түмүктэнэн эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 91% аһылык бэлэмнэммит. Бурдугу, оҕуруот аһын хомуйуу үлэтэ күүскэ бара турар. Бу күннэргэ түмүктүүргэ үлэни өссө күүһүрдүөххэ наада.

РФ бырабыыталыстыбата булт эйгэтин уонна бултуур сирдэри салайар судаарыстыбаннай информационнай систиэмэни тэрийэр туһунан уурааҕы бигэргэттэ. Систиэмэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Гостех» кэлим сыыппара платформатыгар үлэтин саҕалыаҕа.

— Элбэх булчут баар буолан, Саха сиригэр бу тыын суолталаах боппуруос. Бу систиэмэни өрөспүүбүлүкэҕэ киллэрэргэ кэлим үлэни ыытарга уонана булчуттарга киэҥ хабааннаах сырдатар-билиһиннэрэр үлэни ыытарга сорудахтаатым, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Маны тэҥэ, мунньахха ититии сезонун, Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраах ытыыга турнирга, Хотугу пуорумҥа уонна Арассыыйатааҕы энэргиэтикэ нэдиэлэтигэр бэлэмнэнии үлэтин туһунан кэпсэттилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

13 часов ago