Салгыы
“Булгунньахтаах” сопхуос үлэҕэ түмпүтэ

“Булгунньахтаах” сопхуос үлэҕэ түмпүтэ

24.09.2024, 16:30
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар кэмнэргэ, хайа баҕарар киһиэхэ олорон ааспыт кэмэ хатыламмат уратылаах. “Булгунньахтаах” сопхуоска биир кэмҥэ үлэлээн, алтыһан ааспыт элбэх  үтүө-мааны үлэһит дьону умнубакка, өйдүү-саныы сылдьар  буолар эбиккин.

“Правда” холкуос базатыгар “Булгунньахтаах” сопхуос 1971 сыл алтынньы ый 16 күнүгэр икки нэһилиэк сирин-уотун хабан судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ уларытан тэриллибитэ. “Булгунньахтаах” сопхуоска  испииһэккэ 856 үлэһит киирбитэ. Кинилэртэн 258-һа эдэр ыччат комсомольскай тэрилтэтигэр,  107 үлэһит коммунистическай партия чилиэнинэн тураллара.

1971-1991 сс. орто оскуоланы бүтэрбит 544 оҕо производствоҕа быһаччы араас үлэлэргэ үлэлээбиттэрэ. Ыччаттары үөрэтэргэ, көмөлөһөргө настаабынньыктар Алексеев Семен Петрович, Абрамова Пелагея Петровна, Чепалов Гаврил Романович, Севастьянова Евдокия Васильевна, Харитонова Екатерина Михайловна, Михайлов Константин Степанович, Таппыева Вера Иннокентьевна, Максимова Марфа Васильевна, Дулова Ирина Николаевна, Решетникова Мария Павловна, Решетников Афанасий Егорович, Жукова Галина Михайловна, Павлова Анисия Петровна уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.

950 киһи үлэһиттээх хаһаайыстыбаҕа 1980-1985  сылларга 5000 төбө ынах сүөһү, онтон ыанар ынаҕын ахсаана 1970 төбөҕө тиийбитэ, сылгыбыт ахсаана 2460 төбөттөн биэтэ 1430 төбөнү ылара. Итиччэлээх элбэх ынах сүөһүлээх, сылгылаах хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2-3 эрэ баара.

Үүт ыаһына сылга валовайынан 4150 туоннаҕа, биир ынахтан ыаһын — 2296 киилэҕэ, эти судаарыстыбаҕа туттарыы тыыннаах ыйааһынынан 821 тоннаҕа тиийбитэ. Ити көрдөрүүлэр Орджоникидзевскай оройуон сэттэ хаһаайыстыбатын уопсай оҥорон таһаарар этин, үүтүн 25% ылара. Кулун төрүөҕүн сылын ахсын 100 биэттэн 75-85% тиэрдибиппит.

Сылга ортотунан 7500 тонна от оттоноро, сиилэс бэлэмнээһинэ 5000 тоннаҕа тиийбитэ, кыстыкка эбии аһылыкка былах мээккэтэ 1200 тоннаҕа тиийэ бэлэмнэнэрэ. Сайын аайы 20 звено, 2 оҕо лааҕыра, шефтээх тэрилтэлэр оттууллара.  Сопхуоска 75 трактор, 55 массыына тиэйэр-таһар үлэлэри толороллоро.

Бастыҥнар манна бааллара

Сопхуос дириэктэринэн Сыроватскай Никанор Иннокентьевич, партком сэкирэтээринэн Попов Семен Ильич, профком бэрэссэдээтэлинэн Аммосов Николай Егорович 1977-1983 сыллардаахха үлэлиир кэмнэригэр производство ис кыахтарын толорутук туһаҕа таһааран, үлэ тэрээһинин тупсаран, көдьүүһүн үрдэтэн, производство культуратын тупсаран, оҥорон таһаарыыны сайыннаран, үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиппит.

Ол түмүгэр сопхуоспут ыанньыксыттара, ньирэй көрөөччүлэрэ, бостууктара, сылгыһыттара, осеменатордара, производства хамандыырдара Сэбиэскэй Сойуус үрдүкү судаарыстыбаннай  наҕараадаларын ылбыттара: Чепалов Гаврил Романович, Маркова Елизавета Семеновна, Марков Виктор Васильевич, Ларионов Василий Петрович, Абрамова Пелагея Петровна, Алексеева Мария Алексеевна, Михайлов Константин Степанович, Федорова Тамара Васильевна, Васильев Гаврил Петрович, Семенов Василий Дмитриевич, Таппыева Вера Иннокентьевна, Федорова Елена Николаевна, Федоров Илья Дмитриевич, Терентьев Ефим Гаврильевич, Соколов Семен Разумович, Молгарова Полина Семеновна, Ким Альбина Дмитриевна уо.д.а. дойду үрдүк уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.

Производство бастыҥнара биир дойдулаахтарбыт үрдүк итэҕэллэрин ылан Елизавета Алексеева ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр 7-с ыҥырыыга, Саха АССР Үрдүкү  Сэбиэтигэр Гаврил Чепалов Гаврил 7-с ыҥырыыга, Елизавета Маркова 8-с ыҥырыыга, Матрена Львова Матрена 11-с ыҥырыыга талыллыбыттара.

Чулуу көрдөрүүлэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ХХ үйэ чулуу көрдөрүүлэригэр “Булгунньахтаах” сопхуостан киирбит бастыҥ үлэһиттэр рекордара:

—        Маяк фермаҕа 1985 сыллаахха биэс ыанньыксыт биирдии фуражнай ынахтарыттан 4920 киилэни, валовайынан 382,2 туоннаны ыабыттара.

—        Чепалов Гаврил Романович 1985 сыллаахха 1 биир фуражнай ынаҕыттан 6077 киилэни, валовай үүтүнэн 98,3 тонна үүтү ыабыта.

—        Максимов Владимир Семенович салалтатынан 1985 сыллаахха көлө-илии звеноларыгар биир киһитигэр тиксэринэн 80,0 тонна оту бэлэмнээбиттэрэ.

—        Иванов Николай Николаевич салалтатынан 1985 сыллаахха көлө-илии звеноларыгар биир киһитигэр тиксэринэн 64,8 тонна оту бэлэмнээбиттэрэ.

Дириэктэрбит Никанор Сыроватскай

“Булгунньахтаах” сопхуоска 1971-1983 сс. бииргэ кылаабынай бэтэринээринэй бырааһынан, дириэктэринэн үлэлээбит салайааччыбытын Сыроватскай Никанор Иннокентьевиһы үлэни сатаан тэрийэрин, билиилээҕин, дьоҥҥо сыһыана үчүгэйин   бэрт истиҥник ахталлар.

Нэһилиэктэргэ миэстэтигэр үлэлиир олохтоох сэбиэттэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бары бииргэ үлэлээһиннэрэ, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэриилэрэ ситиһиллибитэ. Сэбиэттэр исполкомнарын бэрэссэдээтэллэрэ Васильева Матрена Егоровна, Егоров Иван Никифорович бары өттүнэн бэлэмнээх кадрдар сопхуос салалтатын кытта биир сүбэнэн салайбыттара.

Никанор Иннокентьевич элбэх өрүттээх тыа хаһаайыстыбатын баһылаабыт салайааччы быһыытынан   исписэлиистэргэ, быһаччы үлэлии сылдьар судургутук сыһыаннаһара, кинилэргэ итэҕэйэрэ. Ол курдук, бэтэринээринэй быраас Петров Семен Константинович, кылаабынай зоотехник Трофимов Николай Филиппович, кылаабынай агроном Орестова Светлана Яковлевна, кылаабынай инженер Тобохов Семен Иванович,  кормопроизводство сыаҕар Сыроватскай Алексей Иннокентьевич тус бэйэлэрэ производствоны быһаччы салайаллара, үтүө суобастаахтык үлэлииллэрэ.

Отделениеларга, биригээдэлэргэ орто сүһүөх салайаачыларынан үлэҕэ уопуттаах алайааччылары кытта үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиистэр үлэлииллэрэ:

Сататтан — Алексеев Семен Петрович, Молгарова Полина Семеновна, Варфоломеев Степан Алексеевич, Рыгунов Юрий Иванович, Слепцова Татьяна Петровна,  Артамонова Раиса Ильинична, Севостьянова Евдокия Васильевна, Молгаров Иван Константинович.

Тойон Арыыттан — Едисеев Трофим Петрович, Алексеева Елизавета Егоровна, Федорова Тамара Васильевна, Винокурова Анна Васильевна.

Улахан Аантан — Алексеев Николай Иванович, Белолюбскай Филипп Павлович, Павлов Семен Сергеевич, Терентьева Антонина Семеновна, Васильев Андрей Петрович, Максимов Владимир Семенович, Васильев Валентин Гаврильевич, Григорьев Павел Гаврильевич, Максимов Александр Семенович.

Бэстээхтэн — Решетников Дмитрий Егорович, Жуков Егор Петрович, Павлова Арианда Захаровна, Ефремов Василий Васильевич.

Биһиги дириэктэрбит Никанор Иннокентьевич үлэһиттэргэ биир тэҥ сыһыаннаах, киһини өйдүүр, болҕомтолоох, саталлаах салайааччы этэ. Ити кэмнэргэ Булгунньахтаахха, Улахан-Ааҥҥа элбэх тиэхиньикэ киирэр бэртээхэй киэҥ гараастара, Бэстээххэ 300 ыанньык төбөҕө арболитовай комплекс тутуллубуттара. Чараҥҥа, Сата алаастарыгар Тоҥуһайга, Эмис-Соболооххо, Куодарга, Улахан Ааҥҥа Уу-Көхсүгэр, Сыырдаахха таас-гравий суоллар кутуллубуттара. Улахан-Ааҥҥа балыыһа, баанньык, оскуола, Булгунньахтаахха оҕо саада мас проегынан дьэндэйбиттэрэ.

Оччолорго учуонайдары кытта үлэлэһэн, сопхуоска элбэх сыллаах от ыһыытын саҕалаабыппыт. Ити кэмнэргэ ыраах суолга сылдьар массыына колуоннатын, хотон ыарахан үлэтин чэпчэтии, хомуур үлэтигэр анал этэрээттэри тэрийэн, ситиһиллэ илик элбэх таһаҕас тиэйиитин, үрдүк хаачыстыбалаах престэммит от, бурдук, сиилэс бэлэмнээһинин ситиспиппит. Үүтү, эти туттарыы былааннарын толорон, үлэһит дьон санаата кэлэн, дуоһуйан үлэлиирин көрөр астык да буолара.

Сопхуос бастыҥ үлэтин түмүгүнэн Партия Киин Комитиэтин, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин, Профсоюзтар Киин Сэбиэттэрин, Комсомол Киин Комитиэтин көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылбыта буолар.

Сыроватскайдар тустарынан

Ити кэмнэргэ үлэ бөҕөнү бииргэ үлэлээн ааспыт табаарыспыт Алексей Иннокентьевич Сыроватскай Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн инженер-меэхээнньик идэтин ылан “Орджоникидзевскай” уонна “Булгунньахтаах” сопхуостарга кылаабынай инженеринэн, кормопроизводство сыаҕар сүрүннүүр исписэлииһинэн, дириэктэри солбуйааччынан ананан үлэлээбитэ.

Кэлин УМиТ “Якутагропромстрой”, “Мехтранс” ХЭТ тырааныспар  тэрилтэтигэр кылаабынай инженеринэн, генеральнай дириэктэринэн сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээбитэ. Тэрилтэ тутуу матырыйаалларын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх улахан тутууларга таһара.

Сыроватскай Никанор Иннокентьевич “СӨ үтүөлээх бэтэринээринэй бырааһа”, “РСФСР социалистическай куоталаһыытын кыайыылааҕа” бэлиэнэн иккитэ, “Үлэ бэтэрээнэ”, “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини быйыл 90 сааһа бэлиэтэнэр.

Сыроватскай Алексей Иннокентьевич СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “ Арассыыйа Федерациятын 2006 сыллаах Топ-Менеджерэ” бочуоттаах аат хаһаайына алтынньы ыйга ытык 80 сааһын туолар.

Убайдара Сыроватскай Дмитрий Иннокентьевич тыа хаһайыстыбатын наукатын дуоктора, “Автор научного открытия им. Капицы”, “В.М. Кладкин” ааттарынан мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Ийэлэрэ Сыроватская Варвара Иннокентьевна 1947 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта, “Саха АССР бастыҥ ыанньыксыта”ааты сүгэрэ. Кини 13-тэ оҕоломмутуттан сэттэ оҕото Пелагея, Петр, Дмитрий, Никанор, Василий, Евдокия, Алексей Сыроватскайдар биир дойдулаахтарыгар үтүө холобурунан буолаллар.

Бу Булуҥ улууһун Бороҕонуттан төрүттээх үтүөкэн үлэһит Сыроватскайдар бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын тустарынан кэпсиир “Дмитрий, Никанор, Алексей Сыроватскайдар” диэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ кинилэр ааттарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар.

Николай Филиппович  Трофимов, кинигэни оҥорооччу

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: