Булгунньахтаах Тоҥуһай сайылыгар биир күн

Булгунньахтаах Тоҥуһай сайылыгар биир күн

05.08.2023, 17:00
Хаартыска: Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга киин улуустарга сайылык ыаллара агротуризм хайысхатыгар олохтоохтук ылсан эрэллэр.

Быйыл ыам ыйыгар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр Руслан уонна Снежана Чемезовтар “Быйаҥнаах” диэн агро-уһаайбаларыгар тиийэн, тыа сирин аныгы ыалын туризмҥа эрэллээх хардыыны оҥорбутун билсибиппит. Эдэр ыал 81 ынах сүөһүлээхтэриттэн 36 ынах ыанар, онтон 24‑дэ номнуо төрөөн турара.

Оттон ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр өрөспүүбүлүкэ сүрүн иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэрин суруналыыстара аны Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах сэлиэнньэтин Тоҥуһай сайылыгар тиийэн, тыа сирин олохтоохторо Пан уонна Галина Петровтар туризм хайысхатыгар хайдах ылсан эрэллэрин анаан билистибит. Биһигини СӨ Туризм сайдыытыгар территориальнай маркетинг ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов уонна Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева арыаллыы сырыттылар. Онон ким тэлэбиидэнньэҕэ, диктофоҥҥа устар, ким болокунуотугар бэлиэтэнэр, бары кулгаах-харах буолан, үлэ күөстүү оргуйан барда.

Сайылык «хаһаайыннара»

Ыал тиэргэнигэр киирэн истэхпитинэ, дьиэлээх «хаһаайыннар» — араас кус-хаас, куурусса айманан аҕай уйаларыттан тахсан кэллилэр. Кинилэр тустарынан биһиэхэ кэпсээри, көрдөрөөрү, дьиэлээхтэр анаан хаайан турбуттар эбит.

Онон күннээҕи эрэсиимнэрэ кэһиллэн (күөлгэ сынньана, уулуу киириэхтээхтэрэ үһү), «бу тоҕо хойутаттыгыт?» диэбиттии, уйаларыттан «мөҕүттэ-мөҕүттэ» таҕыстылар. Кус-хаас күйгүөрүнэн доҕуһуоллатан, дьиэлээх хаһаайка Галина Петрова сайылыгын олоҕун билиһиннэрэн барда. Петровтар 1987 сыллаахха саҥа ыал буолаат, Тоҥуһай сайылыгар ыанньыксыттыы тахсыбыттар. Оччолорго бу алааска сопхуос улахан комсомольскай пиэрмэтэ турбут эбит. Эдэр ыал бу сайылыгы сөбүлээн, сопхуос ыһыллыбытын кэннэ дьиэ-уот туттан, манна сайылыыр буолбут. Бастаан биэс төбө хаастан саҕалаан көтөр ииттэн барбыттар. “Билигин үс ыанар ынах, икки ыанар коза — барыта 7 коза, сылгы, 15 хаас, 6 индюк, 30‑тан тахса үс араас боруода куурусса, икки сибиинньэ, мииниллэр ат. Баайбыт итиччэ”, — диэн хаһаайыстыбатын билиһиннэрэр Галина Михайловна. Хаастарын күһүн идэһэлээн, дохуот киллэринэллэр эбит. Онтон саас үлэ эмиэ салҕанар — сымыыт сакаастааһына, хаастары таһаарыы, иитии…

Тоҥуһай — болҕомто киинигэр

Бары көтөрдөрү кытта билсэ сырыттахтарына, мин барыларыттан тэйэн, коза дьиэ кэргэнин кытта билистим. Дьиэлээхтэр кэпсииллэринэн, козалара бастакы сылыгар биир төрүөхтэммит, иккис сылыгар икки оҕо кэлбит. Үһүс сылыгар үһү төрөппүт. Бытааннык улаатар эбит — үс сыл.

Салгыы баһылык Айталина Васильева Пан уонна Галина Петровтар үлэлэрин хайысхатын туһунан маннык билиһиннэрдэ:

— Бастаан утаа дьоммутун социальнай хантараакка киллэрэ сатаабыппыт да, кыаллыбатаҕа. Төһө да биэнсийэлээх буоллаллар, улахан дьиэ кэргэн, кыра оҕолордоох буолан, билигин да иккиэн үлэлии сылдьаллар. Онон дохуоттаах буолан, социальнай хантараак ирдэбилигэр хапсыбаттар эбит. Агростартапка “анньыһан” көрбүппүт да, түргэнник ситэр салаанан бардахха, баала олох кыра эбит. Онон эмиэ хапсыбатахпыт. Хата, агротуризмҥа таба тайаммыппыт эрээри, онно да федеральнай бырагыраама буолан, ирдэбилэ кытаанах — урбаанньыт уонна үс сыл хайаан да үлэлээбит буолуохтааххын. Бу көрүҥ олоххо киирбитэ икки сыл буолбут. Тыа сирин дьонун олоҕо-дьаһаҕа, дьиҥэр, боростуой
буоллаҕа. Күннээҕи түбүгү бүтэрии-оһоруу. Сүрүн сорук — ол быыһыгар туризм хайысхатын сайыннаран, оҕону үлэҕэ бэлэмнээһин. Сайылык ыалын сүрүн кыһалҕата — уоттара суох уонна суоллара оҥоһууну эрэйэр. Күн батарыайатынан уонна диисэлинэн уоттанан олороллор.

Хата, бу күннэргэ Хаҥалас улууһугар кэлэ сылдьар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко урбаан миниистирэ Тимур Хандыны уо.д.а кытта Тоҥуһай сайылыкка сылдьан, хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын билсэн бардылар. Онон Петровтар агротуризмы сайыннаралларыгар “күөх уот умайда” диэххэ сөп.

Туризмы — сайылык аайы

СӨ Туризм сайдыытыгар территориальнай маркетинг ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов тыа сирин сайылыктара туризмы сайыннарыыга улахан кылааттаах буолуохтарын туһунан санаатын үллэһиннэ:

— Сахалар былыр былыргыттан үгэс быһыытынан сайылыкка олохсуйар үгэстээхтэр. Ол эрээри үөрэнэн хаалан, олорбуттарын курдук олороллор. Билигин атын кэм кэллэ. Сайын устата үгэс буолбут олох укулаатын интэриэһиргиир дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсээн, ол дьону хоннорон-аһатан, сир астатан, сөтүөлэтэн, сынньалаҥнарын тэрийиэхтэрин, онтон бэйэлэрэ дохуоттаныахтарын сөбүн, олоҕу хамсатар туһунан толкуйдуур наада. Ол ону өйдөөн, хас биирдии сайылыкка туризм араас көрүҥэ, хайысхата сайдар кэмэ уолдьаста. Ол иһин биһиги суруналыыстары анаан илдьэ сылдьан кэпсээн, көрдөрөн, бар-дьоҥҥо сөптөөх толкуйу иҥэрэн, бу Петровтар холобурдарын батыһыахтарын баҕарабыт.

Дьоллоох түгэннэр

Туризм биир көрүҥэ — акка хатааһылааһын, аты көрүүнү-истиини көрдөрүү. Бу көрүҥҥэ Петровтар оскуолаҕа үрдүкү кылааска үөрэнэр кыыстара Аэлита эппиэттээх эбит. Кинини ийэтэ, “оҕом аты холкутук миинэр, анаан көрөр-истэр” диэн кэпсиир. Сайылык кыыһа атын кытта тэлэбиидэнньэҕэ уһуллан, бастакы «сулустаах чааһа” үүннэ. Бу кэнниттэн аны хаастар күөлгэ киириилэрэ сайылык олоҕун эмиэ биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн буолла. Хаастары күөлгэ атааран баран, аны Петровтар оттуу сылдьар сирдэригэр тиийдибит. Онно аймахтара Антонина Васильева оттуу сылдьарыгар түбэстибит. Уоппускатыгар кэлэн, дьонугар көмөлөһө сылдьар эбит. Номнуо сыллааҕы дьэдьэнин хаһааммыт. Аны күһүөрү тэллэйдиир, отоннуур былааннаах. Бу барыта — сайылык дьоллоох түгэннэрэ.

Ити курдук, Петровтар Тоҥуһай сайылыктарыгар ыалдьыттаан, ирэ-хоро сэһэргэһэн, агротуризм сайдыытыгар олус улахан хардыы оҥоһуллан эрэр эбит диэн санаалаах салгыы Булгунньахтаах атын туристическай эбийиэктэрин билсэ айаннаатыбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: