Булгунньахтаахха өҥө оҥоруутун сервиһэ сайдар
Хаҥалас улууһугар Булгунньахтаахха туризмы сайыннарыыга олохтоохтук ылсыбыттар.
Туристар аатырбыт Өлүөнэ очуостарыгар, Буотама бизонарийыгар, Сиинэҕэ уонна Тукулааҥҥа бу нэһилиэгинэн ааһаллар. Чуолаан — нэһилиэк бириистэниттэн. Бэҕэһээҥҥэ диэри манна биир далаһа көмөтүнэн мотуордаах оҥочолорго олорсон туристар ити ааттаталаабыт баҕалаах сирдэрин туһаайыытын тутуһаллара.
20-тэн тахса сыл бу биэрэктэн дьону таспыт Сергей Емельяненкоҕа улуус уонна олохтоох дьаһалта субсидия биэрэн, кини таксилаан дьону таһар уолаттары кытта субуотунньуктаан, эбии кыттыһан бэртээхэй бириистэни тутан бүтэрдилэр. Ол түмүгүн уолаттар биир дойдулаахтарын уонна ыҥырыылаах ыалдьыттарын кытта үллэһиннилэр. СӨ Туризмы сайыннарар ааҕыныстыба салайааччыта Дмитрий Громов бу үөрүүлээх тэрээһининэн сибээстээн, Булгунньахтаахха туризмы сайыннарыыга туһуламмыт үлэ хайдах барарын билиһиннэрэр соруктаах суруналыыстар дэсээннэрин тэрийдэ.
Биллэн турар, туризмы сайыннарыыга өҥө оҥоруутун сервиһин сайыннарыы бастакы уочаракка турар. Онон билигин икки өрүтү тэҥнээн көрөр кыах баар буолла: урукку далаһаны уонна мотуордаах оҥочону ардах кэмигэр сабыылаах, олорор сирдээх сиргэ кэтэһэр тупсаҕай тутуулаах тохтобулу.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ олохтоохтортон уонна ыалдьыттартан үгүс киһи муһунна.
Бириистэн тутуута түмүктэммитинэн эҕэрдэ тылы Бугунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева эттэ:
Ити кэнниттэн дьону таһар мотуордаах оҥочо бириистэнин үөрүүлээхтик аһыы буолла.
Мотуордаах оҥочолоох таксистар бу тохтобул бириистэннэрин үлэтэ түмүктэммит үөрүүлээх түгэннэрин бочуоттаах төгүрүмтэни оҥорон бэлиэтээтилэр.
Тэрийээччилэр Бочуоттаах төгүрүмтэ курдук бэртээхэй сиэри-туому толкуйдаабыттарын мустубут дьон сэргии көрдүбүт уонна туризмы сайыннарыыга сыратын биэрэн үлэлии сылдьар Дмитрий Громов этиитин олус сэргии иһиттибит.
Нэһилиэк баһылыга үөрүүтүн үллэстэн, суруналыыстарга интервью биэрдэ.
Булгунньахтаахха туризм сайдыытыгар туһуламмыт өҥөнү оҥорууга сервиһи тупсарыыга үлэ барарын СӨ Туризм ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов маннык бэлиэтээтэ:
Аны билигин туристары таһыыга үлэлэһэ сылдьар Булгунньахтаах олохтоохторун санааларын истиэххэ:
Ньургун Уваров санаатын эппитин кэнниттэн, аны Семен Софронов санаатын истиэххэ:
Семен Семенович туристары кытта үлэтин бу курдук билиһиннэрдэ:
Булгунньахтаах олохтооҕо Александра Абрамова эмиэ туризмҥа сыһыаннаан, өҥө биир сонун көрүҥүн олоххо киллэрбит. Бэйэтиттэн «сиэттиһэн», ити курдук нэһилиэккэ бииртэн биир өҥө тахсан иһэр.
Бириистэни туттарбыт Сергей Емельяненко туризм өҥөтүн тупсарыыга санаата маннык:
Дьэ, онон Булгунньахтаах эр дьоно туристарга анаан бэртээхэй бэлэҕи оҥордулар. Биир нэһилиэк таһымыгар — Булгунньахтаахха туризм сайдар хайысхаларыгар тугу көрбүппүн-истибиппин сиһилии салгыы билиһиннэрэн иһиэҕим.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: