Булгунньахтаахха кэскили түстүүллэр
Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун 1‑кы Малдьаҕар нэһилиэгин күнэ бэрт уратытык, саҥалыы тыыннанан ыытылынна. Икки күн устата барбыт тэрээһин олохтоохтор өйдөрүгэр-санааларыгар көр-нар эрэ быһыытынан буолбакка, кинилэр инники олохторо, кэскиллэрэ хайдах былааннаахтык түстэнэригэр тиийэ толкуйу үөскэттэ.
Бары да сотору кэминэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэтин тиһигэр уларыйыы киирээри турарын истэ-билэ сылдьабыт. Докумуон ааптардарынан РФ сенатора Андрей Клишас уонна Госдуума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Крашенинников буолаллар. Ол да иһин норуокка саҥа сокуон ааптардарын араспаанньаларын бастакы сүһүөхтэринэн “КлиКра сокуона” диэн ааттанар сокуон бырайыагын улуустарынан, нэһилиэктэринэн ырытыы буола турар.
“Салайааччы быһаарыахтаах” диэн толкуйунан олорортон аккаастанан, хас биирдиибититтэн олохпут тутулуктааҕын өйдүөххэ.
Болҕомто — оҕону иитиигэ
Үрдүкү былаас салалтатыгар үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэни өр сылларга салайбыт РФ сенатора Егор Борисов санаатын Булгунньахтаах олохтоохторо бэркэ кэрэхсээн иһиттилэр:
— 20‑с үйэ саҕаланыытыгар “буола турар уларыйыылар кэмнэригэр хайдах сайдабыт, туохтан көмүскэнэбит?” диэн өй-санаа ыгыллыыта-түмүллүүтэ баара. 90‑с сыллар саҕаланыыларыгар эмиэ дьалхааннаах, буккуурдаах кэмнэр буолан ааспыттара. 1991 сыллаахха саха норуотун ытыктыыр суруйааччыта Софрон Данилов “ат өрөҕөтүгэр эбэтэр уорҕатыгар сылдьар кэммит кэллэ. Хайдах, буола турар быһыыттан-майгыттан көмүскэнэбит, дьоммутугар-сэргэбитигэр ыллыктаах санаабытын тиэрдэбит?” диэн этэн турар. Онтон сыыйа уоскуйан, кэскиллээх суолу тутуһан, отучча сыл этэҥҥэ олорон кэллибит. Бүгүн эмиэ итинник санааны сааһылатар, кэскиллээҕи толкуйдатар кэм тиийэн кэллэ. Онон, бастакынан, тыа сирин олохтоохторо түмсэн, “хайдах дьаһанабыт?” диэн толкуйдуур буолбуттара хайҕаллаах суол. Иккиһинэн, былаас ыытар үлэтин хайысхата биир сүнньүлээх буолуохтаах диэн санаа үөскээтэ. “КлиКра сокуонун бырайыага” 2022 сыллаахха тохсунньуга бастакы ааҕыыта буолбута. Ол кэнниттэн бэрт үгүс кэпсэтии баран, элбэх көннөрүү киирбитэ. Бу боппуруос салгыы ырытылла турар. Билигин нэһилиэк таһымыгар дьүүллэһии, кэпсэтии баран эрэр. Ол үчүгэй. Дьон уларыйыы буоларыгар бэлэмнээх буолуон наада. Үсүһүнэн, ыччакка тустаах болҕомто уурулунна. 90‑с сыллардааҕы ыччаттар билигин 30–40 саастаах дьон олохпутун хамсатааччыларынан буоллулар. Туох кистэлэ кэлиэй, бу дьон иитиллэн тахсыыларыгар арҕаа дойду сыаннастара баһыйара баар суол этэ. Ол дьайыыта сорох ыччакка биллэн ааһар. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ оҕону, ыччаты иитиигэ сэлээннэһии суох буолуон наада. Бүгүҥҥү оҕолор 15–20 сылынан саха норуотун сайдар саҕахха сирдиэхтэрэ, олохпутун салайыахтара. Ол акылаата бүгүн оҥоһуллар. “Салайааччы быһаарыахтаах” диэн толкуйунан олорортон аккаастанан, хас биирдиибититтэн олохпут тутулуктааҕын өйдүөххэ, — диэн санаатын тиэртэ Егор Борисов.
Сокуон бырайыагын дьүүллэһии
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар дэпэртээмэнин салайааччыта Иван Попов олохтоохтору кытта кэпсэтиитин “аныгы үйэҕэ дьон куйаар ситиминэн уларыйыылары кэтии, билэ олорор, ол да буоллар, нэһилиэк олохтоохторо баһылыккытын өйөөн, бу курдук биир түмсүүлээхтик тирээн турар боппуруостары быһаара олороргут хайҕаллаах суол. Бу маннык кэпсэтии барара наада”, — диэн саҕалаата.
— Ил Түмэн дьокутааттарыттан, уопсастыбаннаска тиийэ араас таһымнаах кэпсэтии буолбута. Кэккэ эрэгийиэнтэн 3 тыһыынчаттан тахса этии киирбитэ. Икки сыл устата маннык мунньахтарынан сылдьан, дьоммут-сэргэбит санаатын истэбит. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу сокуоҥҥа бырайыак быһыытынан элбэх боломуочуйа эрэгийиэн бэйэтин быһаарыытыгар бэриллиэн сөп эбит. Нэһилиэккэ, биллэн турар, салалта баар буолуоҕа. Дуоһунас хайдах ааттанарын эрэгийиэн бэйэтэ быһаарар. Биир уратыта — бу быыбарданар дуоһунас буолбатах. Уокурук салайааччытын бэрэстэбиитэлэ буолан, биллэн турар, нэһилиэгэ син биир кини эппиэтинэһигэр. Сүрүн боппуруостары улууска уокурук дьокутааттара түмсэн быһаараллар. Сокуон бырайыагын дьүүллэһии нэһилиэктэринэн салгыы барыаҕа, — диэн бэлиэтээтэ Иван Попов.
Үлэҕэ үөрэтэр кэм кэллэ
Оттон Ил Түмэн дьокутаата, «Сахачай» компанияны төрүттээччи Ньургуйаана Заморщикова “үлэ миэстэтин таһаарар соруктаах үлэлиибин. Сайын аайы лааҕыр тэрийэбин да, атын улуус уонна киин куорат оҕолоро кэлэн үлэлииллэр. Булгунньахтаах оҕолорун уонна ыччаттарын ыҥырабын да, кэлбэттэр. Дьиҥэр, хамнас биэрэр харчым бу нэһилиэккэ хаалыа этэ буоллаҕа. Онон, оҕолорбутун үлэҕэ үөрэтэр кэм кэллэ” диэн санаатын тиэртэ.
“Наада” диэн тылы умнуохха
Тэрээһин бүтэһигэр нэһилиэк олохтоохторо нэһилиэк сайдыытын доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, тыа хаһаайыстыбатын, култуура, урбаан сайдыытын хайысхаларын “стратегическай сиэссийэ” көрүҥүнэн, бөлөхтөрүнэн ырыттылар. Сүүрбэччэ мүнүүтэ иһигэр кыаллыбат боппуруостары уонна сайдыы үчүгэй өрүттэрин, кэскиллээх былааны дьүүллэстилэр. Ол онтон доруобуйа харыстабылыгар туһаайыллыбыт боппуруостар манныктар: балыыһаҕа исписэлиис, лаборатория, дьиэ кэргэн бырааһа, чөл олоҕу тутуһууга анал бырагыраама наада. Онуоха дьонун-сэргэтин санаатын истэн баран баһылык Айталина Васильева: “Эмиэ “наада” диэн тылы эрэ туттубуккут. Олох соторутааҕыта эрэ сүбэлэспиппит дии — бу тылы умнабыт уонна “тэрийэбит, ыытабыт, оҥоробут” диэн тыллары туттабыт диэн. Онон сиһилии, өссө мустан сүбэлэһиэхпит”, — диэн мунньаҕы түмүктээтэ.
…Ити курдук, 1‑кы Малдьаҕар олохтоохторо инники дьылҕаларын түстүүр мунньахха тус бэйэлэрэ кыттыһан, ыалдьыттар олохтоох санааларын истэн, бэркэ астынан тарҕастылар.
Хаартыскаҕа Елена Потоцкая түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: