Булт болдьоҕо билиннэ

Share

Саха сиригэр атырдьах ыйын 10 күнүттэн булт сезона саҕаланна.

Саха сиригэр атырдьах ыйыгар көтөр кынаттаахтарга булт сезона аһыллар. СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга министиэристибэтэ булт болдьоҕун туһунан  санатар:

—  Атырдьах ыйын иккис субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри (булчут ыттарынан, ретривердэринэн, спанелларынан уонна булчут көтөрдөрү илдьэ сылдьан) уу көтөрүгэр бултааһын көҥүллэнэр;

— Хонуу-бадараан көтөрдөрүгэр (булчут ыттары, ретривердэри, спаниеллары уонна бултуур көтөрдөрү илдьэ сылдьан)  атырдьах ыйын 15 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри;

—Мас көтөрө, истиэп, хонуу көтөрдөрүгэр (булчут, ретривер, спаниель ыттары, бултуур көтөрдөрү илдьэ сылдьан) атырдьах ыйын 15  күнүттэн олунньу 28 (29)  күнүгэр диэри;

— Бадараан-хонуу уонна ууга устар көтөрдөргө (атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри;

—Истиэп уонна хонуу көтөрүгэр атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри;

—Мас көтөрүгэр күһүҥҥү кэмҥэ:  улар, куртуйах, бочугурас — атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри;

—Маҥан уонна туундара куруппааскытыгар (хабдьыга) — атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан муус устар 20  күнүгэр диэри;

Уопсай бултуур сирдэргэ бултуурга (любительскай) анаан булт көҥүлүн  ылыы сайабылыанньата маннык көрүҥнэринэн ылыллар:

— күн аайы судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр эрэгийиэннээҕи порталларын нөҥүө электроннай сайабылыанньаны биэрии;

—тус бэйэҕит тиийэн суруйар буоллаххытына, СӨ экологияҕа министиэристибэтин судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүүтүн иниспиэксийэтигэр эбэтэр кэмитиэтигэр тиийэҕит, Хас оптуорунньук ахсын 09.00 чаастан 18.00 чааска диэри үлэлиир, 13:00-14:00 ч. эбиэт кэмэ;

— «Мин докумуоннарым»  судаарыстыбаннай  уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорор офистарга.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3410799  көрүөххэ сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, уу-чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

9 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago