Булт быраабылатыгар уларытыылар туһунан: атыыр кус уонна анды

Share

РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтин былырыын балаҕан ыйын 23 күнүнээҕи 631 №-дээх бирикээһинэн Булт быраабылатыгар уларытыылар киллэриллибиттэрэ. 2022 с. сэтинньи 30 күнүнээҕи бирикээс Юстиция министиэристибэтигэр регистрацияламмыта уонна күүһүгэр 2023 сыл кулун тутар 1 күнүттэн киирдэ. Маныаха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыыннаах куһу мончуук гынан атыыр куска бултааһыҥҥа чопчулааһыннар киллэриллибиттэрэ.

Атыыр куһу биир тыыннаах кус мончуугунан (подсадной) бултуурга икки булчуттан ордуо суохтаах диэн чопчуланна (бу иннинэ “Бултааһыны хааччахтааһын туһунан” СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан 3 булчуттан элбэҕэ суох диэн этэ).

Маны сэргэ Булт быраабылатыгар сааскы кэмҥэ уу көтөрдөрүн бултааһыҥҥа абзаһы эптилэр. Ол курдук, сааскы бултааһыҥҥа атыыр куһу бааһырдан баран дурдаттан 300 миэтэрэҕэ диэри уонна хааһы уонна хардырҕас хааһы дурдаттан 500 миэтэрэҕэ диэри сойуолаһар көҥүллэнэр.

Сааскы кэмҥэ уу көтөрүн дурдаҕа сытан эрэ бултааһын көҥүллэнэрин умнумаҥ.

Булт быраабылатын 46 пуунугар атыыр куһу бултааһыҥҥа быыс­тала суох 10 халандаарынай күн устата бултуур болдьох олохтонно. Өрөспүүбүлүкэ Арктикаҕа сытар уонна хотугу оройуоннарыгар хаастар уонна кустар кэлиилэригэр сөп түбэһиннэрэн болдьоҕу арааран олохтоммута.

Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин эрэги­йиэннэр ылыммыт нормативнай-быраап аакталарын кэтээн көрүүлэринэн, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бултуур сирдэригэр көҥүллэнэр булт көрүҥнэрин уонна бултуур кэм болдьохторун быһаарар туһунан” СӨ Ил Дарханын Ыйааҕар араастаһыы (разногласие) баара этилиннэ.

Булт быраабылатын 50 пуунугар сөп түбэһиннэрэн, “Андыга (горбоносай уонна көннөрү) сааскы бул­тааһын Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар чопчу ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри ыытыллар. Уонна эрэгийиэни түөлбэнэн араарбатылар.

Онон сибээстээн Булт муниципальнай сэбиэттэригэр андыны бултааһын болдьоҕор ыйытык ыытыллыбыта. Андыны бултааһын болдьоҕо төһө элбэх куолас ылыллыбытынан быһыллыаҕа.

Бу уларыйыылар эһиилги кэлэр дьыл булт кэмигэр киирэллэр. Билигин Ил Дархан ыйааҕын быра­йыага оҥоһулла, сөпсөһүүтүн бара турар.

Анатолий ПОПОВ,

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна

ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин

департаменын салайааччытын солбуйааччы.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago