Булчут тэрилин харыстаан, сыт-сымар иҥмэтин, оҕо-дьахтар чугаһаабатын диэн дьиэҕэ киллэрбэт. Сонор кэмэ кэллэҕинэ, эрдэ бэлэмнэнэр, тэриллэрин ыраастыыр, саҥа хапкааннарын болбукта уутугар оргутар, барытын тус-туспа анал хааҕа угар. Аар тайҕатыгар барыан иннинэ оргууй наллаан, уокка ас биэрэн, Байанайтан көрдөһөр.
Булчуттар улахан булка баралларын кэпсээбэттэр, кыылларын аатын ааттаабаттар.
Тыаҕа аналлаах харыстабыл ааттар бааллар: эһэ – тыатааҕы, кырдьаҕас; бөрө – чороко, сир кыыла, кутуруктаах; кырынаас – бэлиэлээх; саарба – атаскаан.
Тайаҕы бултаатахха, өлөрбүт киһи «Уруй!» диэн хаһыытыыр. Истимтиэтэ суох буоллун диэн кулгааҕын быһаллар, ханнын хас да сиринэн хайыталлар, түүтүн хааллараллар.
Тайах төбөтүн уҥуохтарын мээнэ бырахпаттар. Муннун тириитин уокка салаталлар.
Бөрөнү өлөрөн баран, айаҕар туох эмит түүлээҕи эбэтэр уҥуоҕу угаллар уонна утуйа сытар курдук төбөтүн таҥнары сытыаран маска уура
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…