Бултуур идэ – умсугутуулаах, дириҥ иэйиилээх

Бултуур идэ – умсугутуулаах, дириҥ иэйиилээх

01.04.2023, 12:00
Хаартысканы М.Афанасьев тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Бултуур идэ – ырыа курдук, сатанардаах, сатамматтаах. Сатаннаҕына, ырыа тахсарыныы, умсугутуулаах, дириҥ иэйиилээх. Ол да иһин, булчуту саха дьоно былыр-былыргыттан үөһээ туталларын, ытыктыылларын туһунан өссө Вацлав Серошевскай “Якуты” үлэтигэр бэлиэтээн турар.

Устуоруйа быыһын сэгэттэххэ, “Сахабулт” национальнай концерн 1992 с. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев Ыйааҕынан тэриллэн, салайааччынан Никифор Петров анаммыта. Билигин “Сахабулт” үп-агробырамыысыланнай концерн АУо генеральнай дириэктэринэн Максим Эдуардович Васильев үлэлиир.

Бүгүн “Сонор суолугар” Сунтаар улууһугар “Сахабулт” ааҕына, улууска бултааһыны тэрийиигэ 30-с сылын сыратын биэрэ сылдьар Максим Афанасьев ыалдьыттыыр. Максим Афанасьевич 1993 с. Иркутскайдааҕы Тыа хаһаа­йыстыбатын институтун биолог-охотовед идэлээх бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар Булт ха­­һаайыстыбатын управлениетыгар ыстаарсай  охотоведынан анаммыта күн бэҕэһээ курдук. Кини түүлээҕи туттарыы, аукциоҥҥа кыттыы, түүлээх сыанатын туһунан бүччүм санаатын үллэһиннэ.

– Ол кэмнэри ахтан-са­­наан аастахха, Сэбиэскэй Сойуус саҕанааҕы эстибит сопхуостар сааларын улууспутугар биир сиргэ түмэн, “Сахабулт” ба­­лаансатыгар 300 тахса туоһапка, 80-ча карабин сааны киллэрбиппит. Ону күһүн аайы булчуттарга икки ыйга дуогабарынан  уларсар этибит. Ботуруоннарын ким төһөнү көрдүүрүнэн иэс түҥэтэрбит. Оччолорго 300-чэ булчут баара.  Филиал буолуон иннинэ
2002 с. ҮАПХ начаалынньык буол­бутум. 2005 с. филиал буолан, “Сахабултан” хамнастанар буолбуппут. Булт хаһаайыстыбатыгар тахсыбыт уларыйыыларынан сибээстээн, сир аукциона буолбутугар 1 мөл. гектар иэннээх сири Сунтаар улууһугар “Сахабултка” хаалларбыппыт (4 мөл. га уопсай туттуллар сирдэргэ уонна атын туһанааччыларга барбыта). Ол иһин булчуппут ахсаана аҕы­йаабыта.

Салгыы “Булчут” ХЭУо тэринэн, сааны-сэби атыылыыр маҕаһыыны 2004 с. арыйбыппыт. Билигин булчуттарбыт күндү түүлээх бултааһынынан дьарыктаналлар. Сунтаарга урут киис суоҕа, 80-с сыллартан үөскээн,  2000 с. саҕа­лаан, киис элбээбитэ. Аукциоҥҥа Санкт-Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы түүлээх аукционугар “Сахабулт” илдьэн туттарар этэ, онно сыана сорох сыл түһэр, дуоллар кууруһуттан, муода тенденциятыттан тутулуктаах дииллэр. Сааҥсыйа күүһүрэн, пандемия туран, 2020 сылтан аукцион онлайн ыытыллар буолбута. Билигин киис сыаната лаппа түстэ. Ол, биллэн турар, түүлээхситтэри долгутар. Тутар сыана ортотунан – 3000 солк., кээмэйинэн көрөллөр. Хара кырымахтаах киис сыаната – 10 тыһ. солк. тиийээччи.

Тииҥи бултааһыҥҥа чөмпүйүөн этибит

Булчуттар хара тыата суох табыллыбаттар, үүтээннэригэр тахса тураллар. Кинилэртэн аҕыйах киһи сыл аайы сылдьар ыырдарынан төһө кыыл баарын ааҕыыга кытталлар. Улууска лиссиэнсийэлэнэр кыылларга  кубуота кэллэҕинэ, ону биһиги булчуттарга үллэрэбит. Билигин Сунтаар улууһугар баар “Сахабулт” сиригэр 80 тахса киһи бултуурга дуогабардаспыта. Иллэрээ сыл ойуурбут умайан, күһүҥҥү өттүгэр ардахтаах буолан, бултуурга ыарахаттары үөскэппитэ.

Сунтаар улууһа урут тииҥнээх улууһунан биллэрэ. “Сахабултка” тииҥҥэ чөмпү­йүөн этибит. Биир кыһын 45000 тииҥи бултаан туттарбыттара. Тииҥи бултааһын умнуллубатын туһугар “Бастыҥ тииҥньит” диэн ааты олохтообуппут. Холобура,  былырыын биир булчуппут 300 тахсаны бул­таабыта. Быйыл 700 тахса кииһи (кубуота – 900 тахса) бултаан, “Сахабултка” туттарбыппыт. Билигин кураан дьыллар кэлэннэр туораах үүммэккэ, тииҥ атын сиргэ көстө. Ону тэҥэ ботуруон сыаната (доруоп саа, туоһапка киэнэ) ыараата. Үстэ ыттаххына, тииҥ сыаната тахсан кэлэр курдук балаһыанньата буолла. Ол соҕотуопкаҕа эмиэ оҕуста. Быйыл, хата, туораах үүннэ, онон эһиил тииҥ элбиир ини диэн эрэнэбит.

Күндү түүлээх тириитинэн муҥурдаммакка, куобаҕы тоҥнуу тутарбытын үгүстэр өйдүүллэр. Бэл, бултаммыты атыылыыр “Дары природы” диэн маҕаһыын Дьокуускайга баара.

Бөрөнү бултааһыҥҥа 5-6 биригээдэ тэриллибитэ уонча сыл буолла. Бөрө диэн айылҕа кыыла буоллаҕа, ону бултуурга көҥүл наада. Өрөспүүбүлүкэ биир адьырҕаҕа 20 тыһ. солк. төлүүрэ. Оттон  быйылгыттан 2023 сылга бултаммыт бөрө тириитин 30 тыһ. тиэрдэр былааннаахтар. Онно эбии улууспут 20 тыһ. солк. эбии төлүүр. Бу күннэргэ бөрөнү тутарга куонкурус буолуохтаах. Быйыл хойукка диэри хаар чараас буолан, бөрө үлүбээй сылдьан, сонордоһорго ыарахаттары үөскэттэ. Онон бөрөһүттэр билигин 19 адьыр­ҕаны бултаатылар. Сыл аайы ыллахха, 15-25 төбө буолааччы. Урут биир сыл бөрөһүттэрбит 45 ардай аһыылааҕы сууһаран тураллар.

Урут кырдьаҕас да, эдэр да булчуттар бааллара. Билигин эдэр булчут лаппа аҕыйаата. Онон булчуттар орто саастара 40-60 диэххэ сөп.

Күндэйэҕэ – бураны ыытыыга

2012 с. оччотооҕу Ил Дархан Е.А.Борисов ыйааҕынан  муус устар бастакы субуотатын Булчут күнүнэн биллэрбитэ. Онтон ыла улууска Булчут күнүн ким хайдах кыалларынан куруук бэлиэтииллэр. 2016 с. диэри стендовай ытыыга (тэриэлкэ) куруук тэрийээччибит. Туоһапканан, пневматическай ытыы күрэхтэһиитин тэрийэр этибит. «Росгвардия» тэриллиэҕиттэн ытар тирдээхтэргэ эрэ көҥүллэнэр буолбута. Нэһилиэктэргэ булчут ыттар, бураны ыытааччылар  күрэхтэһиилэрин дьон-сэргэ сэргиир. Быйыл Күндэйэҕэ бураны ыытыыга бастыҥы быһаарыахтара.

“Сахабулт” диэн аакка үөрэнэн хаалбыттар  

Сорох улуустарга “Сахабулт” диэн суох буолбута. Манна тэрилтэбит “Булчут” диэн эрээри, дьон уруккуттан үөрэммиттэринэн “Сахабулт” диэн ааттыыллар. Онон билигин да тэрилтэлээх курдук сананаллар, куруук кэлэн, булт-ас туһунан кэпсэтэн, астынан тарҕаһаллар. Урут спецтаҥас, хапкаан, аптечка, балаакка биэрэллэрин куруук үтүө тылынан ахталлар.

Булдунан уһун сонноммоккун эрээри, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан үйэлэргэ хааларын туһугар үлэлиэхтээхпит. Оҕолорбутун, ыччаты төрөөбүт айылҕаларын таптыырга үөрэтиэҕиҥ, сыһыарыаҕыҥ. Сиргэ-уокка бултаныахтаах, оттон ол сир көрөр-истэр хаһаайыннаах буолуохтаах. Булчукка кыра да наада, дьиҥэр. Киниэхэ өйөбүл, болҕомто, үтүө тыл туохтааҕар да күндү.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: