Булуҥ ИТ-киинигэр үлэ күөстүү оргуйар

Булуҥ ИТ-киинигэр үлэ күөстүү оргуйар

Ааптар:
11.07.2023, 19:21
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Тиксиигэ Булуҥ киин бибилэтиэкэтигэр арыллыбыт ИТ-кииҥҥэ 8 үлэ миэстэтэ арыллыбыт. Манна дистанционнай аттестациялар, видеоконференциялар ыытыллаллар, нэһилиэнньэҕэ судаарыстыбыннай өҥөлөрү ыларга босхо көмөлөһөллөр, бэчээт өҥөтүн оҥороллор.

“Тиксиигэ олох тупсубута харахха быраҕыллар. Сүрүн сыал – бөһүөлэги сөргүтүүгэ эрэ буолбакка, сайдыылаах сиргэ кубулутууга сытар. Дьоно кыһамньыта суох туох да кыаллыбат. Онон барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах, кытаатыҥ, ситиһиини баҕарабын”, — диэн ыччакка туһаайан эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.

ИТ-киин туһанааччылара бэйэлэрин ситиһиилэрин туһунан кэпсээтилэр. Ол курдук, Арктическай гимназияны түмүктээбит Василина Винокурова уонна Богдар Горохов “Цифровизация эйгэтэ” диэн трек ааптардара бырайыактарын көрдөрдүлэр. Байыаннай сулууспаҕа сылдьар Александр Прохорчук уонна IT исписэлииһэ Олег Раевскай «Оонньоо уонна ай» трек, “Арктика” ЦПРК методиһа Алина Авакшина “Билии саҕахтара” трек туохха көмөлөһөр сыаллаахтарын кэпсээтилэр.

ИТ-киин үлэлиэҕиттэн бибилэтиэкэҕэ кэлэр дьон ахсаана үс төгүл үрдээбит. 2020 сылга 18082 кинигэ уларсыбыт эбит буоллахтарына, 2022 сылга 39575 кинигэ илииги бэриллибит. Онтон быйылгы түмүктэнэ илик сылга 20577 кинигэ уларсыбыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: