Тиксиигэ Булуҥ киин бибилэтиэкэтигэр арыллыбыт ИТ-кииҥҥэ 8 үлэ миэстэтэ арыллыбыт. Манна дистанционнай аттестациялар, видеоконференциялар ыытыллаллар, нэһилиэнньэҕэ судаарыстыбыннай өҥөлөрү ыларга босхо көмөлөһөллөр, бэчээт өҥөтүн оҥороллор.
“Тиксиигэ олох тупсубута харахха быраҕыллар. Сүрүн сыал – бөһүөлэги сөргүтүүгэ эрэ буолбакка, сайдыылаах сиргэ кубулутууга сытар. Дьоно кыһамньыта суох туох да кыаллыбат. Онон барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах, кытаатыҥ, ситиһиини баҕарабын”, — диэн ыччакка туһаайан эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.
ИТ-киин туһанааччылара бэйэлэрин ситиһиилэрин туһунан кэпсээтилэр. Ол курдук, Арктическай гимназияны түмүктээбит Василина Винокурова уонна Богдар Горохов “Цифровизация эйгэтэ” диэн трек ааптардара бырайыактарын көрдөрдүлэр. Байыаннай сулууспаҕа сылдьар Александр Прохорчук уонна IT исписэлииһэ Олег Раевскай «Оонньоо уонна ай» трек, “Арктика” ЦПРК методиһа Алина Авакшина “Билии саҕахтара” трек туохха көмөлөһөр сыаллаахтарын кэпсээтилэр.
ИТ-киин үлэлиэҕиттэн бибилэтиэкэҕэ кэлэр дьон ахсаана үс төгүл үрдээбит. 2020 сылга 18082 кинигэ уларсыбыт эбит буоллахтарына, 2022 сылга 39575 кинигэ илииги бэриллибит. Онтон быйылгы түмүктэнэ илик сылга 20577 кинигэ уларсыбыттар.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…