Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа дьуһуурунайыгар киирбит иһитиннэриинэн, атырдьах ыйын 13 күнүгэр Булуҥ улууһун Түмэти бөһүөлэгин аттыгар Өлөөн өрүскэ эр киһи утуйа сытар оҥочото булуллубут.
Кэлин бу киһи кэпсээбитинэн, кини доҕорун кытта оҥочонон Таймылыыр сэлиэнньэтиттэн айаннаабыт. Айан кэмигэр доҕоттор арыгы испиттэр, кэлин утуйан туран баран эр киһи оҥочоҕо доҕорун булбатах. Сүппүт эр киһи туһунан иһитиннэрии киирбитин кэннэ, 4 водолаз уонна көрдүүр бөлөх начаалынньыга салайааччылаах быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийбиттэр. Гидролокатор көмөтүнэн ааспыт күннэргэ Өлөөн өрүс 10 тахса тыһ. миэтэрэ уһуннаах сири чинчийбиттэр. Көтөр аалынан уонна мотуордаах оҥочонон көрдүүр үлэлэр ыытылыннылар. Билиҥҥитэ сүппүт эр киһи булулла илик.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…