Булуҥ улууһугар сүппүт балыксыттары буллулар
12.02.2024, 17:27
Хаартыска: Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин архыыбыттан
Бөлөххө киир:
“Маяк Арктики” суруйарынан, олунньу 7 күнүттэн сүппүт балыксыттары көрдүүр-быыһыыр сулууспа Самах Арыы учаастагар үлэлээбит.
Балыксыттар эппиттэринэн, оттуктара бүтэн, “Бураннара” алдьаммыт. Бу сиргэ суотабай сибээс хаппат, балыксыттар да атын сибээстэрэ суох буолан биэрбит.
Балыксыттар көстөннөр, муниципальнай таһымҥа ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ уһулунна.
Булуҥ муниципальнай оройуонун дьаһалтата ыраах барар дьон тыа сирин дьаһалтатыгар, тэрилтэ салайааччыларыгар ханна баралларын, төһөҕө төннүөхтээхтэрин, хантаактарын хаалларан баралларыгар этэр. Ыксаллаах быһыы-майгы үөскээн хааллаҕына, ити барыта балаһынньаны көннөрөргө туһалааҕын, ол түмүгэр дьон олоҕо быыһанарын санатар.
+1
7
+1
+1
+1
+1
3
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: