Булуҥ улууһун ыраах айан суоппардара биир дойдулаахтарыгар өйөбүл буолаллар

Булуҥ улууһун ыраах айан суоппардара биир дойдулаахтарыгар өйөбүл буолаллар

30.10.2022, 13:27
Бөлөххө киир:

Булуҥ улууһун ыраах айан суоппардара бүгүн идэлээх бырааһынньыктарын айан суолугар бэлиэтииллэр.

Бу туһунан Намыы нэһилиэгин олохтооҕо Саргылаана Лыткина иһитиннэрэр:

Биһиги нэһилиэкпит киэн туттар суоппар ыччаттарын Матвей Находкин уонна Семен   Алексеев тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын. Бу эдэр дьон нэһилиэкпит тутаах үлэһиттэрэ,  киэн туттар уолаттарбыт.

«Дьокуускай — Мэҥэ Хаҥалас — Чурапчы- Таатта – Томпо – Дьааҥы – Усуйаана – Тиксии» туһаайыынан  төрөөбүт улуустарын аһынан-үөлүнэн, наадалаах тэрилинэн хааччыйаллар.

Хоту дойдуга таһаҕаһы, аһы-үөлү таһар ыраах айан суоппардара ыраах хайаларынан, тарыҥнарынан айаннаан, бэрт ыарахан үлэҕэ сылдьаллар.

Ыраах айан суоппардара өрүү бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, бииргэ тутуһан айанныыллар. Ол да иһин үлэлэрэ тахсыылаах, кыһыны быһа төттөрү-таары тиэстэллэр.

Ханнык баҕарар уустук түгэҥҥэ хоту дойду суоппардарын санаалара  күүстээх  буоллаҕа.

Матвей Находкин – эйэлээх  кэмҥэ бойобуой дьайыы кыттыылааҕа, Чечняҕа сулууспулаабыта. Икки кыыс тапталлаах аҕата. Суоппардаабыта 18 сыл буолла. Семен  Алексеев уоллаах  кыыс оҕолоох. 22 сыл суоппар ыстаастаах.

Быйыл уолаттарбыт иккиэн ыарахан уйуктаах массыыналар суоппардарын өрөспүүбүлүэтээҕи сүлүөттэригэр ситиһиилээхтих кыттыбыттара.

Намыы суоппардара кыһыҥҥы суол аһыллыаҕытан сабыллыар диэри «Якутопторг» тэрилтэни, «Арктика» артыалы кытта дуогабардаһан, куораттан Тиксиигэ диэри сибиэһэй бородууктаны, тутуу матырыйаалын, уматыгы таһаллар.

Быйыл дьыл хойутаата, онон суолбут хаһан аһыллара биллибэт. Ол эрээри уолаттарбыт төрөөбүт Намыыларын дьонун олохторун чэпчэтэр инниттэн, суол баарына чэпчэки сыанаҕа аспытын таһан кэбиһэллэр. Онон суол аһыллыар диэри аа-дьуо тиийэбит. Бу күннэргэ Матвей Находкин «Якутопторг» бородууктатын Тиксииттэн Намыыга аҕалан иһэрин иһиттибит. Онон  кини идэлээх бырааһынньыгын айан суолугар бэлиэтиир. Уолаттарбытын Суоппар күнүнэн эҕэрдэлээн туран, төрөөбүт Намыыгыт туһугар кыһалла сылдьаргытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Ыарахан үлэлээх Булуҥ улууһун Намыы ыраах айан  үлэһиттэрин бүгүҥҥү Суоппар  күнүнэн итиитик-  истиҥник эҕэрдэлиибит! Өрүү бүгүҥҥүгүт курдук  дьоҥҥутугар өйөбүл уонна көмө буола сылдьаргытыгар баҕарабыт!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: