Булуҥҥа булуллубут былыргы суудунаны чинчийиэхтэрэ
Булуҥ улууһугар Найба сэлиэнньэтин аттыгар былыргы судуунаны чинчийиигэ эспэдииссийэ тиийэн үлэлиэҕэ.
Былыргы суудунаны былырыын булбуттара диэн ТАСС суруйар. Эспэдииссийэ былааннаммытын туһунан Саха сиригэр Нуучча географическай уопсастыбатын отделын толорооччу дириэктэрэ, «Арассыыйа — мин устуоруйам» историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Соловьев кэпсээтэ. Кини этэринэн, чинчийэр эспэдииссийэ өссө былырыын үлэлии тахсара былааннаммыта эрээри, араас төрүөтүнэн болдьоҕо уларытыллыбыта.
«Биһиги Булуҥ улууһун Найба сэлиэнньэтигэр эспэдииссийэ тэрийэн ыытабыт, онно былырыын Лаптевтар байҕалларын биэтэкэр былыргы суудуна булуллубута. Быһа холоон суудуна XVIII үйэ иккис аҥаарын кэминээҕи тутуулаах», — диир Дмитрий Соловьев.
Эспэдииссийэни Булуҥ улууһун салалтата уонна Хара Уулаах нэһилиэгин дьаһалтата өйөөтүлэр. Дмитрий Соловьев бэлиэтээбитинэн, булумньуну үөрэтии историческай наука хандьыдаата Екатерина Строгова салалтатынан ыытыллыаҕа. Бырайыакка икки үлэһит кыттыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: