Булуҥҥа буурҕа дьиэ кырыыһатын көтүттэ

Share

Тохсунньу  24  күнүттэн Хотугу Муустаах муора кытылынан күүстээх буурҕа ытыллар. Булуҥ улууһугар ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэмнэнии эрэсиимэ биллэриллибитэ. Тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 40 миэтэрэҕэ тиийэ сырытта. Туох да көстүбэт үлүгэрэ.

Хаартыска: "Маяк Арктики"

Тохсунньу 27 күнэ үүнэр түүнүгэр Быковскай бөһүөлэгэр күүстээх  тыал 12 кыбартыыралаах олорор дьиэ кырыыһатын бүтүннүү көтүттэ. Бу дьиэҕэ 62 киһи олороро, барыларын суһаллык көһөрбүттэр. Бөһүөлэккэ интэриниэттэрэ, уоттара суох. Ол эрээри тыал арыый намыраабыт.

Уһуйааннарга, оскуолаларга үөрэх тохтотуллубут, дьахталлар үлэҕэ тахсыбаттар. Күүстээх тыал киһини көтүтэн илдьэ барар кыахтаах. Олохтоохтор хас да туонналаах контейнеры тыал төкүнүппүт хаартыскатын, видеотун тарҕаталлар.

Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгэр ууну хачайдыыр ыстаансыйаттан кэлэр сүрүн турба тоҥон, ыксата сырытта. Ол да үрдүнэн, бөһүөлэги сылааһынан, уунан хааччыйыы тохтообото.

Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын, энэргиэтикэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, ууну биэрэр эбии тэрил үлэтэ тохтуу сылдьыбыт. Күн-дьыл көннөҕүнэ, саппаас лииньийэни сүрүн турбаҕа диэри холбуохтара. Билигин «Мелкое» диэн күөлтэн уу кэлэр.

Миниистир Вячеслав Емельянов бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар саппаас лииньийэни холбоон баран, сүрүн турбаны өрөмүөннүөхпүт диэн эттэ. Өрөмүөн үлэтин ыытарга суолу-ииһи ыраастыырга тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.

«Сахаэнерго» уот лииньийэтигэр саахалы туоратта, ол да үрдүнэн сибээскэ кыһалҕа баар.

Саха сиринээҕи гидрометеорология управлениета иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 28 күнүгэр Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар соҕуруулуу-арҕааттан үрэр тыал 19-24 м/с түргэннээх, түүн Булуҥ улууһугар  26-31 м/с түргэннээх тыал үрүөҕэ. Усуйаанаҕа 15-20 м/с түргэннээх тыа арҕааттан үрэр, буурҕалаах. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
7
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта көрүстэ

Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырын артыыстара кыттыылаах «Злой город» киинэ киэҥ экрааннарга тахсыаҕа

Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Миниистирдэр “С чего начинается Родина?” ырыаны толордулар

Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Уоту туһаныы кээмэйин диапазоннара

Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы нэдиэлэ иһигэр 36 % улаатта

37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий?

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий  диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр.  Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…

10 часов ago