Булуҥҥа медузаны балыктаан ыллылар
Булуҥ оройуонугар Быковскай сэлиэнньэтигэр Лаптевтар байҕалга балыксыттар медузаны туппуттар.
Бу туһунан «Маяк Арктики» хаһыат ТГ-ханаала иһитиннэрэр. ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын институтун научнай үлэһитэ Николай Соломонов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, Приморскай кыраай балыктыыр учаастактарын кыраныыссатынан балыксыттар медузаны байҕалтан хостоон ылаллара баар көстүү.
Булуҥ оройуонугар балыктааһын туустаах уонна иһэр уу кыраныыссатынан үгүстүк ыытыллар. Онно уомулу, муксууну, күндүөбэйи о.д.а. бултууллар. Уонна маннык Приморскай кыраай кыраныыссатыгар балыктыыр учаастактарынан медуза тахсара баар көстүү. «Медуза ханнык көрүҥэ буоларын хаартысканан көрөн, чопчу быһаарыллар табыллыбат. Медуза бары байҕалларынан баар. Кинилэр миграциялара уларыйа сылдьар, ону кытта сороҕор байҕал сүүрүүгүнэн эмиэ охсуллан кэлэллэр», — диэн Николай Соломонов быһаарда.
Ханнык баҕарар медузаттан сэрэнэр ордук. Биир медузаҕа сүүһүнэн эбэтэр тыһыынчаттан тахса анал ытар клеткалардаах. Онон ханнык баҕарар кыра балыгы өлөрөр кыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: