Булуҥ оройуонугар Быковскай сэлиэнньэтигэр Лаптевтар байҕалга балыксыттар медузаны туппуттар.
Бу туһунан «Маяк Арктики» хаһыат ТГ-ханаала иһитиннэрэр. ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын институтун научнай үлэһитэ Николай Соломонов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, Приморскай кыраай балыктыыр учаастактарын кыраныыссатынан балыксыттар медузаны байҕалтан хостоон ылаллара баар көстүү.
Булуҥ оройуонугар балыктааһын туустаах уонна иһэр уу кыраныыссатынан үгүстүк ыытыллар. Онно уомулу, муксууну, күндүөбэйи о.д.а. бултууллар. Уонна маннык Приморскай кыраай кыраныыссатыгар балыктыыр учаастактарынан медуза тахсара баар көстүү. «Медуза ханнык көрүҥэ буоларын хаартысканан көрөн, чопчу быһаарыллар табыллыбат. Медуза бары байҕалларынан баар. Кинилэр миграциялара уларыйа сылдьар, ону кытта сороҕор байҕал сүүрүүгүнэн эмиэ охсуллан кэлэллэр», — диэн Николай Соломонов быһаарда.
Ханнык баҕарар медузаттан сэрэнэр ордук. Биир медузаҕа сүүһүнэн эбэтэр тыһыынчаттан тахса анал ытар клеткалардаах. Онон ханнык баҕарар кыра балыгы өлөрөр кыахтаах.
Бэнидиэнньиккэ, сэтинньи 18 күнүгэр, Дьокуускайга -31...-33 кыраадыска диэри тымныйыа. Күнүс синоптиктар -25... -27 С кыраадыска…
Быйыл хомсомуол 106 сааһын бэлиэтээтибит. Патриотическай иитиигэ ахтыы чааһа Ньурба улууһун Күндээдэ оскуолатын үрдүкү кылааһын…
Бу күннэргэ Нам улууһугар ыраах айан суоппардарын бастакы сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата…
Саха сиригэр «Урбаанньыт аҕа» үөрэх онлайн түһүмэҕэ түмүктэннэ. Аҕалары ый устата «Мой бизнес» киин преподавателлэрэ…
Бу кэлиҥҥи сылларга кэтэх дьиэни тутууга чэпчэтиилээх ипотека киирэн, Туймаада хочото биирдэ мас тутуунан дьэргэс…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…