Булуҥҥа – үөрэхтээһин эспэдииссийэтэ
Булуҥ оройуонугар үгэскэ кубулуйбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэхтээһиҥҥэ эспэдииссийэтэ үлэлээтэ. Наука, ускуустуба уонна успуорт эйгэлэригэр дьоҕурдаах оҕолору оройуон киинигэр Тиксиигэ түмэн көрүү-истии буолла.
Сыал-сорук: талааннаах оҕолору булан сайдалларыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, сөбүлүүр хайысхаларынан үөрэтии. Көдьүүстээхтик үлэлээбит 16 киһилээх эспэдииссийэни СӨ успуорка солбугу бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччы Аграфена Колесова салайда.
- Хаартыска В.Посельскай тиксэриитэ
25 көс тэйиччи сытар Күһүүртэн оскуола оҕолоро хайыһарынан биэс күн айаннаабыттар. Сорох нэһилиэктэртэн бураннарынан, таймылыырдар оптуобуһунан кэлбиттэр.
Үлэ күөстүү оргуйар
Бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт исписэлиистэр Тиксии орто оскуолатынан, гимназиянан, оҕо уһуйаанынан, култуура-успуорт комплексынан тарҕаһаннар оскуола оҕолорун математикаҕа, физикаҕа, биологияҕа, нуучча тылыгар олимпиадалары оҥороннор, үөрэхтэрин, билиилэрин-көрүүлэрин, балетка, муусукаҕа дьоҕурдарын, эт-хаан өттүнэн сайдыыларын чинчийдилэр. Маастар-кылаастары, учууталларга, тириэньэрдэргэ сэминээрдэри ыыттылар, мэтэдиичэскэй көмөлөрү оҥордулар. Ыам ыйыгар Тиксиигэ физкултуура учууталларыгар, тириэньэрдэргэ, успуорт салаатын исписэлиистэригэр идэни үрдэтэр куурус кэлэн үлэлиирин туһунан Аграфена Колесова иһитиннэрдэ.
Найба, Сииктээх, Намы, Таймылыыр, Быковскай, Күһүүр оҕолоро Тиксиигэ түмсэннэр үҥкүүлээн, ыллаан-туойан, өбүгэлэр оонньууларын сэттэ көрүҥнэригэр күрэхтэһэн сэргэхсийии бөҕөлөр. Физкултуура учууталлара, тириэньэрдэр салайан илдьэ сылдьаллар. 25 көс тэйиччи сытар Күһүүртэн оскуола оҕолоро хайыһарынан биэс күн айаннаан кэлбиттэр. Сорох нэһилиэктэртэн бураннарынан, таймылыырдар оптуобуһунан кэлбиттэр.
Хоту сир айылҕаҕа чугас, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар оҕолоро хамсаналлара-имсэнэллэрэ сылбырҕа, эт-сиин тургутууларыгар үчүгэйдэрин көрдөрдүлэр. Холобур, скакалканы баһылаабыттар диэн чинчийээччилэр астыннылар. Ол биир сүрүн төрүөтүнэн интэриниэт куйаарын ситимэ суоҕа, оҕолор бириэмэлэрин таһырдьа ыраас салгыҥҥа атаараллара ыйылынна. Оҕолор буулдьанан уонна ох саатынан ытыыны сэҥээрдилэр эрээри, онуоха анал тэриллэрэ, тириэньэрдэрэ суохтар.
Булуҥ нэһилиэктэригэр, Тиксиигэ таһаҕас кэлиитин сыаната ыараханынан тутуулар соччо ыытыллыбаттар, успуорт саалалара, оскуолалар сэбиэскэй кэмнээҕилэр. Тиксиигэ 2012 сыллаахха тутуллубут култуура-успуорт комплекса – бөһүөлэк киэргэлэ. Оҕолорго сылга биирдэ ыытыллар “Дети Севера” кэтэһиилээх күрэхтэһиилэрэ ити КСК-ҕа буолар. Онон бу оҕолорго улахан бырааһынньык тэҥэ. Экстремал-айанньыт, билигин 80 саастаах Семен Семенович Шамаев саҕалаабыт, көҕүлээн тэрийбит Оонньуулара 28-с төгүлүн ыытылыннылар.
Санаа атастаһыыта
- Хаартыска В.Посельскай тиксэриитэ
Бу туһунан тустуунан дьарыктанар 11-с кылаас үөрэнээччитэ, 90-н тахса киилэни үктүүр ыйааһыннаах Карим Максимов кэпсээтэ. 250 км сиргэ түөртэ хонон кэлбиттэр. Балааккаҕа хонон, бэрэски, булочка өйүөлэнэн, уот оттунан, астанан, сэниэлээхтик сылдьыбыттар. Маҥнайгы эрэ күннэригэр сылайбыттар, онтон кэнники күннэригэр “көтө-көтө” барбыттар. “Оройуоммут устуоруйатыгар киирэр буоллубут” диэн үөрэр, астынар. Күҥҥэ 30-40 км барбыттар. Айанныы үөрүйэхтээх булчуттар, учууталлар салайбыттар. Бу айаннарын оскуолаларын 130 сылыгар уонна хайыһарынан айан саҕаламмыта 50 сылыгар анаабыттар. Карим эһэтин батан муоратааҕы флот хапытаана буолар бигэ санаалаах. Оскуола кэнниттэн, салгыы үөрэнэн, идэ ылан баран, “Күһүүрбэр кэлиэм” диир Карим Максимов.
Таймылыыр 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Виктория Хомустахова успуорт элбэх көрүҥүнэн дьарыктанар. “Дети Севера” сүүрүүгэ, маамыктаны быраҕыыга, тутум эргииргэ, хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэстэ, ансаамбылга үҥкүүлүүр. Бу хаһыс да кэлиитэ. Биология, саха тылын, физкултуура уруоктарын сөбүлүүр. Дойдутун Таймылыыры хайа да бэйэлээх омук дойдутугар биэрбэт. “Туундарабыт наһаа кырасыабай. Дьүкээбил, хайалара наһаа үчүгэйдэр, сир аһа дэлэй”, – диир. Оптуобуһунан суукка кэриҥэ айаннаан кэлбиттэр, бөртөлүөтүнэн 2,5 чаас көтөллөр эбит. Бөһүөлэктэригэр сүрүн дьарыктара балыктааһын. Аҕатыгар, бырааттарыгар муксуун, уомул, тууччах илимҥэ иҥнибиттэрин араарарга, оҥочону эрдэргэ көмөлөһөр. “Бурааны” бэһис кылаастан ыытар. Физкултуура учуутала буолуон, тапталлаах Таймылыырыгар оҕолору үөрэтиэн баҕарар.
Тиксии гимназиятын физкултуураҕа учуутала, тустуук Валерий Васильевич Самойлов үөрэнээччилэрин хайыһарга, тустууга эрчийэрин таһынан гимнастиканан эмиэ дьарыктыыр. Гимнастиканы сүрүн көрүҥ быһыытынан ааҕан, физкултуура учуутала хайаан да сатыахтаах диэн сүбэни ылынан, эдэр-эмэн саастарыгар бэйэтэ анаан-минээн дьарыктаммыт. “Дэриэбинэлэргэ култуура-успуорт комплекстара тутуллаллара буоллар” диэн баҕалаах.
Күһүүр оскуолатын тустууга тириэньэрэ, бэйэтин кэмигэр ССРС орто-анал үөрэх кыһаларын боруонса медалиһа, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бөҕөстөрү иитэн таһаартыыр Дмитрий Дмитриевич Бурнашев толору тэриллээх, маллаах-саллаах тустууга аналлаах успуорт саалалаах буолуохтарын баҕарар.
Түмүк
- Хаартыска В.Посельскай тиксэриитэ
“Дети Севера” бэстибээл түмүгүнэн Күһүүр орто оскуолатын оҕолорун түмсүүлээх хамаандата бастаата. Иккис уонна үһүс бириистээх миэстэлэри Арктическай гимназия уонна Таймылыыр оскуолатын үөрэнээччилэрин хамаандалара ыллылар.
Эспэдииссийэ үлэтин түмүгүнэн, Булуҥ оройуонун дьаһалтата уонна СӨ Успуорка солбугу бэлэмниир киин бииргэ үлэлээһин Сөбүлэҥин түһэристилэр. Бу туһунан улуус баһылыга Афанасий Афанасьевич Андросов санаатын үллэстэригэр, талааннаах оҕолору көрдүүр эспэдииссийэ үлэтигэр махтанна. Бэриллибит сүбэлэр, этиилэр сүнньүлэринэн үлэ ыытылларын мэктиэлээтэ. Оройуоҥҥа, ол иһигэр Арктическай улуустарга баар сүрүн кыһалҕанан сырыы-айан ыараханын бэлиэтээтэ. Тиксииттэн Дьокуускайга көтөр билиэт сыаната кэлэ-бара 50-70 тыһ. солк. тэҥнэһэрин, ол үгүс ыалларга кыаллыбатын, ол да буоллар оҕолор тустарыгар кэмчилээһин суох буолуохтааҕын, туох кыалларын сөптөөхтүк тобулуохтаахтарын, оҥоруохтаахтарын эттэ. Саамай сүрүнэ, дьоҕурдаах, талааннаах оҕо сайдар сааһын мүччү тутумуохха наада диэн бэлиэтээтэ. Хоту сиргэ талааннаах оҕолор баалларын, кинилэр сайдалларын, киэҥ эйгэҕэ тахсалларын туһугар туох кыалларынан өйөбүл баар буолуоҕа диэтэ.
Баһылай Посельскай,
Дьокуускай.
Хаартыскаларга ааптар түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: