Хаартыска: СИА
СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Юрьевич Присяжнай байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар саллааттар оҕолорун сайыҥҥы лааҕырынан хааччыйыы, бастакы кылааска ылыы уонна үрдүк уонна орто үөрэххэ киллэрии туһунан кэпсээтэ.
— Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 463 сайыҥҥы оҕо лааҕырдара үлэлииллэр. Билигин иккис сезон үлэлии турар. Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар саллааттар дьиэ кэргэннэриттэн сайыҥҥы лааҕырга сырытыннарыыга 1823 оҕоҕо сайабылыанньа киирбитэ. Бу оҕолор бары путевка ыланнар, сынньаннылар уонна сынньана сылдьаллар.
Үөрэх управлениелара байыаннай сулууспалаахтар оҕолорун бастакы кылааска киллэрии боппуруоһун болҕомто киинигэр туталлар. Быйыл барыта 276 оҕо бастакы кылааска киириэхтээх, онтон 98 оҕо Дьокуускай куоракка.
Үрдүк уонна орто үөрэххэ туттарсыы бара турар. Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойун уонна кини оҕото үрдүк үөрэххэ туттарсыытыгар туспа квота көрүллүбүтэ. Ол быһыытынан хас биирдии исписээлинэскэ уонна бэлэмнэнии хайысхаларыгар бүддьүөт миэстэтин уопсай ахсаанын 10 %-тан итэҕэһэ суох миэстэ көрүллүбүтэ. Онон от ыйын 25 күнүгэр диэри бары докумуоннары туттара охсор наада. Билиҥҥи туругунан 11 кылааһы бүтэрбит 72 выпускник үрдүк үөрэххэ киирэр баҕалаах, 9 кылаас кэнниттэн – 114.
Буойуттар оҕолоро лааҕырынан, бастакы кылааска киириигэ уонна үөрэххэ туттарсыыга чэпчэтиинэн туһаныылара министиэристибэ болҕомтотун киинигэр турар.
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…