Дьокуускайга «буомустарга» көмөлөстүлэр
Соторутааҕыта Социальнай хааччыйыы кэлим киинин үлэһиттэрэ дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо анал аахсыйа оҥордулар. Ол курдук, кинилэр сөбүлээн мустар сирдэригэр — автовокзалга, “Столичнай”, “Белое озеро”, Бааһынай, Үрүттээх ырыынактарга тиийэн, итии аһылыгынан хааччыйдылар, бэсиэдэлэри ыыттылар. Бу маннык аахсыйалары кэмиттэн кэмигэр ыыта тураллар.
Бу эриэйдэ түмүгүнэн, 29 киһи, ол иһигэр: 9 дьахтар, 20 эр киһи кэлэн, аахсыйаҕа кытыннылар. Кинилэртэн: 35 сааһыгар диэри – 6 киһи, 36-45 саастаах – 8 киһи, 46-55 саастаах – 8 киһи, 56-тан үөһэ саастаах – 7 киһи баар. Биэс киһи улуустартан кэлбиттэр, уоннааҕылара – куорат дьоно.
“Тоҕо маннык ускул-тэскил сылдьаҕын?” диэн ыйытыыга үгүстэр дьиэлэрэ суоҕун, докумуоннарын сүтэрбиттэрин, хаайыыттан тахсан баран, барар-кэлэр сирдэрэ суоҕун, уо.д.а. ыйбыттар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ, аахсыйа түмүгүнэн, 3 киһини “Тирэх” социальнай кииҥҥэ киллэрбиттэр.
Бу маннык аахсыйа сыала-соруга – ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо быстах кэмҥэ да буоллар, аһынан-таҥаһынан көмөлөһүү. Кыһалҕалаах дьону “Тирэх” социальнай кииҥҥэ киллэрэн, сууйан-тараан, эмтээн, докумуоннарын, биэнсийэлэрин оҥорторон биэрэллэр. Ону тэҥэ, сорох дьон инбэлииккэ тахсалларыгар, интэринээт-дьиэҕэ киирэллэригэр көмөлөһөллөр, үгүстэргэ үлэ булан биэрэллэр. Юрист уонна психолог өҥөлөрө эмиэ баар. Онон, олохторун суолун көннөрөллөрүгэр көмө оҥоһуллар.
СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: