Буор Балаҕан дьуухалата амтанныын үчүгэй

Буор Балаҕан дьуухалата амтанныын үчүгэй

17.07.2023, 17:30
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аллайыахаҕа дохсуннук ардаата, этиҥ эттэ. Ол түмүгэр хаста даҕаны сибээстэрэ арахса сырытта.

Хата, ааспыт нэдиэлэҕэ күн туран биэрэн, “Аллайыаха” община Буор Балаҕаҥҥа баар учаастагар балыксыттар дьуухала оҥордулар.

Чокуурдах олохтооҕо Дария Афанасьевна Слепцова, дьиҥэ, туох баар үлэҕэ сыстаҕас. Асчыт, балыксыт, булчут. Буһарбыт алаадьыта, кэтилиэтэ минньигэс  буолар дэһэллэр. Дария төһө да үлэтэ суох буоллар, хата, чугас аймахтара Барабанскайдар өйөөннөр, кинилэргэ учаастакка көмөлөһөр. Онон эмиэ тутаах киһи. Ол курдук, балыгы тоҥорор хаамыраҕа балыктары уган, тоҥорор. Дьахтар киһиэхэ күүһү-күдэҕи, түргэн туттууну эрэйэр үлэ эбээт!

“Быйыл олус бырдахтаах сайын, маннык сиэккэни кэтэн кыратык абыранабын”, — диир Дария Афанасьевна.

Ол да буоллар, билигин уу улахан буолан, балык үчүгэйдик тахса илик.

Хаартыскалары Буор Балаҕантан ыыттылар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: