Буоста — нэһилиэк сүрүн тэрилтэтэ

Share

Үлэһит киһи туһунан кэмигэр ахтар-саныыр, махтанар наада дии саныыбын.

Атамайга 1953 сыллаахха буоста аһыллыбыта. Онтон 1960 сыл сибээс, төлөпүөн ситимэ тардыллыбыта. Ханнык баҕарар тэрилтэ сибээстээх буоллаҕына, үүнэр-сайдар. Буоста үлэтин сүрүн хайысхатын, нэһилиэнньэни араас өҥөнөн хааччыйыы буолар. Ол курдук хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуу, тиэрдии, баһыылкалары тутуу, биэнсийэ, босуобуйа төлөөһүнэ, тиэрдиитэ, ону тэҥэ табаар, ас-үөл араас көрүҥүн атыыта буоста начаалынньыгын үлэтин эбээһинэһигэр киирэр.

Нэһилиэккэ 2019 сылтан буоста начаалынньыгынан элбэх оҕолоох ийэ Луиза Васильева таһаарылаахтык үлэлии сылдьар. Маныаха сыллата бу үлэҕэ ирдэбил, отчуот үрдээн, элбээн иһэр. Ону  Луиза Яковлевна барытын сааһылаан, кэмигэр бүтэрэн туттарар. Кини бары кыһамньытын, сатабылын ууран туран үлэлиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ, эйэҕэс сыһыаннаах буолан куруук хайҕалга сылдьар, дьон-сэргэ махталын ылар. Билиҥҥи көмпүүтэр үйэтигэр кырдьаҕастар билбэттэрэ-көрбөттөрө элбэҕэ ханна барыай. Онуоха сүрдээх судургутук, өйдөнүмтүөтүк быһааран, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ үөрдэр. Аны, үлэтин, бириэмэтин аттаран, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук «Күндүүнэ» үҥкүү, «Айыллаана» ырыа ансаамбылларын биир көхтөөх кыттааччыта.

Сайаҕас майгылаах, истиҥ-иһирэх санаалаах Луиза Яковлевнабытыгар бары үтүөнү баҕарабыт. Ылсыбытыҥ ыпсан истин, кэрэ санаа кэккэлэстин.

Валентина Яковлева,

Горнай.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

36 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

3 часа ago