Буоста үлэһитэ – хааччыйааччы, төлөтөөччү…

Буоста үлэһитэ – хааччыйааччы, төлөтөөччү…

12.10.2024, 11:00
Хаартыска: П. ЖИРКОВА тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэҕэ Буоста үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэннэ. Баһыылка, бандероль ыйыы турар, кэмбиэргэ маарка сыһыарар начаалынньыктары эбэтэр хаһыатынан, сурунаалынан ыга симиллибит ыарахан суумканы сүгэн иһэр почтальону, ама, ким билбэт буолуоҕай?

Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин буостатын саҥа үлэһитэ Римма Захарова үлэҕэ киирэн баран, тугу бэлиэтии көрбүтүн туһунан санаатын үллэстэр:

– Мин соторутааҕыта үлэлии киирбитим. Бэйэм педагог идэлээхпин. Интэриниэппит олус бытаан, этэргэ дылы, “харар да харар.” Ол үлэни атахтыыр аҕай. Биэнсийэни түҥэтэн көрө иликпин. Хаһыакка сурутуу барар турар. Үксүн кырдьаҕастар “Дьааҥы аартыга” хаһыаты суруттараллар. Наһаа ыраах олорор буоламмыт, суол-иис суох кэмигэр буостабыт сүгүн-саҕын кэлбэтиттэн сылтаан дьон хаһыаттарга суруттарбат быһыылаах.

Эмиэ биир эдэр үлэһиккэ таба тайанным. Нам улууһун Үөдэй буостатын начаалынньыга Вероника Алексеева 38 саастаах. 2018 сыллаахха
I Хомустаахха бу идэҕэ үөрэнэн баран, төрөөбүт нэһилиэгэр үлэлии сылдьар. Дьаһалтаттан урукку АТС дьиэтин куортамнаһан буоста оҥостубуттар. Дьиэлэрэ кыһыҥҥы кэмнэргэ тымныйан эрэйдээбит.

– Саха сиригэр 30 бырыһыаннаах чэпчэтии саҕаланан, дьон кыра-кыра­лаан суруттаран эрэр. “Эҥсиэли” хаһыакка элбэх киһи сурутаа­ры кэллэ. Дэриэбинэбит улахан уонна тарҕана соҕус  олорор. Онон почтальонум балачча сири хаамар. Сороҕор биир эмэ баайыллыбатах ыкка да түбэһиэн сөп. Биэнсийэни түҥэтэбит. Дьон уруккутун курдук уу харчынан ылыан баҕарар, каартаҕа соччо көһөр санаа­лара суох. Кыайан кэлэн ылар кыаҕа суох дьоҥҥо почтальон илдьэн биэрэр.

Сорох сирдэргэ үлэһит эрэйдээхтик көстөр курдук. Холобура, Кыһыл Сыырга үлэһити нэһии­лэ буллулар. Биһиэхэ олохтоох­тор гаастарын, уоттарын, “Экосети” төлөбүрдэрин эмиэ төлүүллэр.  Биэнсийэлэрин эҥин ылан харчыланнылар даҕаны тута төлүү сатыыллар, – диир Вероника Николаевна.

Суол хаайтарыытыгар эрэйдээх

Сылдьыбыт сыыһы булар дииллэринии, буостаҕа  сүүрбэ сыл ыстаастаах үлэһити булан ыллым. Пелагея  Жиркова Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытын буостатын начаа­лынньыга. Сибээс кэллиэ­һин бүтэриэҕиттэн манна үлэлиир.

Кириэс Халдьаайы эмиэ уустук суоллаах-иистээх сиргэ киирсэр. Ол курдук, күһүн уонна саас суол быстар кэмигэр буостаны таһыы эрэйдээх. Тоҕо диэтэххэ, күһүн алтынньыттан саҕалаан ахсынньы ортотугар диэри, оттон саас муус устар ортотуттан бэс ыйыгар диэри суолунан сырыы быстар.

– Бу алтынньы 7 күнүгэр тиһэх буостабыт кэллэ. Уонна ахсынньы 15 күнүгэр диэри кэлбэт. Суол сабыллыбыт кэмигэр “подушкалар” аҕалыахтара. Хаайтарыыттан сылтаан хаһыакка дьон суруппат буолан эрэр дии саныыбын. Биир кэмҥэ сөмөлүөтүнэн тиэйбиттэригэр абыраммыппыт аҕай. Дьон кыаҕа тиийэринэн хаһыаттарга сурута сатыыр. Ол эрээри эрэллээх сурутааччыларбыт – кырдьаҕастарбыт, эдэрдэр соччо наадыйбат курдуктар. Биэнсийэни эмиэ түҥэтэбит.  Биэнсийэ түҥэтээччи уонна 0,5 ыстаапкаҕа үлэлиир почтальон баар. Дьиҥэ, почтальоммут толору ыстаапка­лааҕа буоллар, бэрт буолуо этэ. Кэнники кэмнэргэ буоста үлэтигэр араас саҥа сүүрээннэр киирэллэр. Ол курдук, чэпчэки сыаналаах табаа­ры аҕалан атыылыыбыт. Табаарбытын сакаастаан ылабыт. Ол да табаа­ры тастарыы эмиэ эрэйдээх соҕус. Тоҕо диэтэххэ, сайыҥҥы өттүгэр мотуор­даах оҥочо­лоох дьон дуогабарынан таһаллар, онно оҥочоҕо аҕыйах куул таһаҕас киирэр. Уопсайынан, өрүһү икки сиринэн туорааһыннааҕа эрэйи үөскэтэр. Хонтуорабыт дьиэтин туруга үчүгэй. “Почта баан “ терминал туруорбута, онно эмиэ ааҕын курдук үлэлиибит, – диир Пелагея Гаврильевна.

“Дьиэттэн төлүүллэрин ордороллор”

Бэйэтэ атын идэлээх Анастасия Адамова биэнсийэҕэ тахсан баран, Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин буостатыгар 14,5 сыл  (2 сыл почтальон, онтон ордугар биэнсийэни тиэрдээччи) үлэлээбитэ.  Онон бу үлэ ымпыгын-чымпыгын бэркэ билэр бэтэрээн үлэһитинэн буолар. Куруук былаанын толорорго кыһаллара. “Бастыҥ почтальон” диэн номинацияны киниэхэ дьаһалта оччотооҕу баһылыга Тимофей Нестеров туттарбыта. “Аар тайҕа” эрэдээксийэтэ суруктаах ыстакааны бэлэхтээбитин күндүтүк саныыр.

–  Үлэлээбитим иһин наҕараадам элбэх. “Бочуот дуоскатыгар” таһаарбыттара. Куруук сатыы сылдьар буолан, үлэлиир сирбин-уоппун, дьоммун-сэргэбин нойосуус биллэҕим дии. Дьэ, эрэйдээх баҕайы аадырыстаах уулуссалар баар буолааччылар. Саҥа үлэһит эрэйдээхтик булар аадырыстара. Сороҕор ыттан куттанан,  ааһарын кэтэһэн тымныыга тураҕын. Ол да буоллар, бы­­лааммытын толорор туһугар кыһалларбыт. Ыалларбытын кэрийэ сылдьан хаһыакка сурутабыт, уот, гаас төлөбүрдэрин ылааччыбыт. Онон бэйэбитин кытта аппарааттаах сылдьабыт. Аппарааты куоракка оҥорторо ыыппыт кэмнэригэр итинник тэрилэ суох тиийдэхпитинэ, сорохтор, бэл, хомо­йооччулар. Дьон дьиэттэн тахсыбакка олорон төлүүрүн ордорор, ордук аҕам саастаахтар.  Өссө та­­баар атыылыыбыт. Ыйга 20 тыһ. солк. толоруохтааххын диэн былаан тиэрдэллэрэ. Куулунан бурдук, саахар эҥин атыыла­һааччылар, ону харчыларын отчуоттаабыппыт кэннэ маҕаһыыммыт атыыһыта ол ылбыт табаардарын дьиэлэригэр тиэртэрэрэ. Ол дьоҥҥо абыраллааҕа чахчы. Бу үлэҕэ суоппар уолаттар бэркэ кыһаллан үлэлиир этилэр. Ыраах нэһи­лиэккэ буоста илдьэн кэлэн баран, аны сэлиэнньэ иһигэр табаардары таһаллара. Семен Слепцов диэн уол уһуннук үлэлээбитэ, – диэн үлэлээбит кэмнэрин туһунан олус сэргэхтик Анастасия Васильевна аҕынна.

Дьэ, бу курдук, буоста үлэһитэ дьоҥҥо туһалааҕы эрэ оҥорор аналлаах.

+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: