“Бурдук” дуогабара уонна Турцияны кытары сыһыан

Share

Былырыын Стамбулга Арассыыйа, Украина, Турция уонна Холбоһуктаах Нациялар Тэриллиилэрэ бурдугу, мас арыытын, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар араас уоҕурдууну Хара муоранан мэһэйэ суох аһардыыга түөрт өрүттээх дуогабар баттаспыттара. Бу дуогабар бэлиитикэ хонуутугар эйэлэһиигэ бастакы хардыы быһыытынан сыаналаммыта. Ол эрээри Арассыыйа бу нэдиэлэттэн дуогабары тохтотто. Тоҕо?

“Көнө сүнньүнэн тутуспатылар”

РФ бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков бу нэдиэлэҕэ Хара муоратааҕы дуогабардаһыыны Арассыыйа от ыйын 18 күнүттэн тохтоторун туһунан киин бэчээккэ иһитиннэрбитэ. “Хомойуох иһин, дуогабарга Арассыыйа туһунан этиллибит пууннар толоруллубатылар. Онон билигин бу дуогабары уһатар суолтата суох. Кэнэҕэскитин биһиги дойдубут киллэрбит пууннарын толордохторуна, Арассыыйа бу дуогабары салгыы ыытыаҕа”, — диэн иһитиннэрбитэ Дмитрий Сергеевич.

Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Арассыыйа уонна Украина бурдугунан, мас арыытынан, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар араас уоҕурдуунан Хара муоранан тас дойдулары үгүстэрин хааччыйа олорбута. Былырыын олунньуга байыаннай эпэрээссийэ биллэриллиэҕиттэн Арассыыйа бородууксуйатыгар хааччах киирэн, Европа дойдуларыгар биһиги дойдубут бурдуга, уоҕурдуута тутуллан, ханна да салгыы айаннаабат чиэскэ тиксибитэ. Бу тохтотуу ордук дьадаҥы дойдуларга биллэн барбыта, аска-үөлгэ кырыымчыгырыы тахсыах курдук буолбута. Ол иһин кулун тутартан саҕалаан Турция, Египет, Иран, Саудовскай Аравия, Израиль, о. д.а. дойдулар этиилэринэн кыра-кыралаан бурдугу таһыы кэтэҕинэн саҕаламмыта. Оттон ыам ыйыгар Холбоһуктаах Нациялар Тэриллиилэрэ бу боппуруоһу хайаатар да быһаарыахха наада, аан дойдуга Арассыыйаҕа киирбит хааччахтары сымнатыахха диэн этиилээх тахсыбыттара. Онон от ыйыгар ХНТ Арассыыйаны, Украинаны уонна Турцияны (Европаны, Азияны ситимниир дойду быһыытынан) кытары “бурдук көрүдүөрүн” дуогабарын түһэрсибитэ. Турция уонна Холбоһуктаах Нациялар Тэриллиилэрэ суудуналарынан байыаннай сааны-саадаҕы таһыыны күүскэ хонтуруоллуохтаахтара, ону сэргэ дуогабар иккис чааһыгар суруллубутунан, ХНТ Арассыыйа тас дойдуларга табаарын таһаарыытыгар күүс-көмө буолуохтаах этэ. Бу дуогабар былырыын сэтинньигэ, быйыл саас кулун тутарга уонна ыам ыйыгар уһатылла сылдьыбыта. Ол эрээри күн бүгүҥҥэ диэри Арассыыйа туһатыгар суруллубут пууннар кумааҕыга эрэ хааллылар. “Арассыыйа интэриэһин көрөр биир да пуун толоруллубата. Оонньуу барыта биир эрэ өрүт туһатыгар барда. Биһиги бэйэбит көҕүлээһиммитинэн хаста да бу дуогабары уһата сылдьыбыппыт, билигин кэлэн биһиги интэриэспитин көрбөт буоллахтарына, тоҕо биһиги бу дуогабары салгыы тутуһуохтаахпытый?” — диэн иһитиннэрбитэ Владимир Путин.

Дойду бэрэсидьиэнэ Арассыыйаҕа сыһыаннаах ханнык боппуруостары туруорсарый? Бастатан туран, Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр, уоҕурдууга үлэлии сылдьар хампаанньалар актыыптарын, счеттарын тас дойдулар аһалларыгар модьуйбута. “Россельхозбаан” тыа хаһаайыстыбатын баанын быһыытынан “SWIFT” систиэмэтигэр киирэрин, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, саппаас чаастарын тас дойдуттан аҕалыыны сөргүтүүнү туруорсубута. Ону таһынан, Тольятти-Одесса хайысхатынан аммиак ситимин сөргүтэри, суудуналар тас дойдулар пуортарыгар мэһэйэ суох киириилэрин, страховкалааһын боппуруостарын быһаарыыны эппитэ.

Ол эрээри бу дуогабары хара маҥнайгыттан Украина да, арҕааҥҥы дойдулар да атыннык ылыммыттара. Былырыын Африка, чугас сытар илиҥҥи дойдулар бу табаардар түгэхтэрин эрэ көрөн хаалбыттара биллибитэ. Холбоһуктаах Нациялар Тэриллиилэрин аска-үөлгэ туһуламмыт бырагырааматынан, кыра дохуоттаах дойдуларга бу табаардары таһар 400 суудунаттан баара-суоҕа биэһэ эрэ тиийбитин суруйбуттара. Хара муоранан таһыллыбыт бурдуктан, кукурузаттан бу дойдулар үс эрэ бырыһыанын тутан хаалбыттара, баһыйар үгүс өттө Испания, Италия, Нидерланды, Германия, Израиль курдук бэйэлэрин хааччынан олорор дойдуларга барбыта биллибитэ. Бу кэлиҥҥи чахчынан, кулун тутарга диэри бурдук ордук Кытайга (5,7 мөлүйүөн туонна), Испанияҕа (4,4 мөлүйүөн туонна), Турцияҕа (2,8 мөлүйүөн туонна) таһыллыбыт. Оттон кыра дохуоттаах дойдулар Хара муоранан таһыллыбыт бурдук алта бырыһыаныгар эрэ тиксибиттэр.

Аны иккис өттүнэн Украина бу дуогабары туһанан, тас дойдулартан сэриигэ туһаныллар сэби-сэбиргэли, сааны-саадаҕы таһа олорбута дакаастаммыта. ХНТ-гэр Арассыыйа бэрэстэбиитэлэ Василий Небензя иһитиннэрбитинэн, “бурдук көрүдүөрэ” үлэлиэҕиттэн сааны кистээн таһыыга барыта 70 суудуна тутуллубут. Онон дуогабары “көнө сүнньүнэн тутуспатылар” эрэ диирбитигэр тиийэбит.

Ону ааһан бу нэдиэлэҕэ Крым муостатын Украина иккиһин дэлби тэптэрэн, Турция былырыын Донбааска сэриилэспит “Азов” этэрээт (Арассыыйаҕа террористическэй этэрээт быһыытынан биллэр) салайааччыларын Украинаҕа биэрэн, “уокка арыыны кутан” биэрдилэр. Турция, бу дуогабарга икки дойдуну эйэлэһиннэртииргэ сүрүн далаһа буола сылдьан, ону ааһан биһиги дойдубутун кытары улахан бырайыактардаах олорон, тоҕо Арассыыйаҕа сыһыана кытаатта?

Турция икки уот икки ардыгар

Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган бу нэдиэлэҕэ “бурдук” дуогабарынан эмиэ иһитиннэрии оҥорбута. Онно кини бу дуогабары устуоруйаҕа хаалар биир сүрүн дипломатическэй кэпсэтии быһыытынан сыаналыырын эппитэ уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары дуогабары салгыыр туһунан кэпсэтэр былааннааҕын иһитиннэрбитэ. Ол эрээри билиҥҥитэ икки дойду лиидэрдэрэ кэпсэтии ыыта иликтэр. Владимир Путин кэпсэппэт төрүөтүн сэрэйиэххэ сөп. Турция ааспыт нэдиэлэҕэ Литваҕа буолбут НАТО сугулааныгар Украина НАТО састаабыгар киирэрэ сөп диэн турар уонна Швеция бу байыаннай бөлөххө киирэригэр сөбүлэҥин биэрбитэ. Ол иннинэ Турция былырыын Донбааска тутуллубут “Азов” этэрээт салайааччыларын босхолообута. Дуогабар быһыытынан, бу “салайааччылар” байыаннай эпэрээссийэ бүтүөр диэри Турцияҕа хаалыахтаахтар этэ. Эспиэртэр Эрдоган бу хаамыытын НАТО мунньаҕар бэлэмнэнии быһыытынан сыаналаабыттара. Тоҕо диэтэргин, Турция биир өттүнэн Европа сойууһугар киириэн баҕарбыта бүтүн алта уонтан тахса сыл буолла. Ону туруорсуу хас сыл аайы барар. Иккис өттүнэн, түөрт муора дойдута билигин экэниэмикэтэ таҥнары курулаан иһэр. Ордук быйыл билиннэ: билиҥҥи туругунан, дуоллар кууруһа 26 лираттан таҕыста.

Былырыын биир дуоллар 11 лираҕа тэҥ этэ. Биир сыл иһигэр бу дойдуга сыана бас баттах барда. Холобур, билигин уматык сыаната 34 лираҕа тэҥнэстэ. Солкуобайынан ыллахха, биир лиитирэ бэнсиин 130‑тан тахса. Балтараа сыл иһигэр дьиэ-уот сыаната 200 бырыһыан таҕыста. Онно эбии быйыл сир хамсааһына буолбут оройуоннарын чөлүгэр түһэрэрин эбэн кэбиһиҥ. Онон Турция экэниэмикэтин өрө тардарыгар тастан көмөҕө наадыйар. Манна Турцияҕа Валюта норуоттар икки ардыларынааҕы пуондата күүс-көмө буолуон сөп. Санатан эттэххэ, бу пуонда сүрүн ыстааба Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар баар. Онон Турция биир өттүгэр күөдьүйбүт уоту саба баттаары, иккис өттүгэр кыымы саҕаары гынна.

Ол кыыма Крым арыы-тумулга охсулунна. Владимир Путин Крым муостатыгар иккиһин дэлби тэптэрии кэнниттэн тута сөрөөн улахан мунньах ыыппыта. Онно кини Крым муостатыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыга улахан болҕомтону уурарга сорудах биэрбитэ.

— Крым муостатыгар Украина өттүттэн бу иккис террористическэй саба түһүү оҥоһулунна. Онон бу стратегическэй суолталаах эбийиэккэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга этиилэри күүтэбин, — диэн эппитэ кини мунньахха.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago