«Бурдук көрүдүөрэ» аны “Африкатааҕы көрүдүөр” диэн буолла
Балаҕан ыйын саҥата Сочи куоракка Турция Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган кэлэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары көрсөн барбыта. Бу көрсүһүүгэ икки дойдулар салгыы бииргэ үлэлэһиилэрин, Хара муоранан бурдугу таһыы дуогабарын туһунан кэпсэппиттэрэ.
Дойдулар экэниэмикэлэригэр
Кистэл буолбатах, билигин Арассыыйа уонна Турция экэниэмикэлэригэр иккиэннэригэр да ханнык да кэмнээҕэр уустук балаһыанньа. Хайа да өттүбүтүгэр дуоллар кууруһа өрө тахсан, национальнай валюталар таҥнары түһэн ас-таҥас да, кэлии-барыы да сыаната ыараата. Ол эрээри икки дойдулар национальнай валюталарынан эргинэн саҕалааннар, билигин атыыга-тутууга дуоллар кууруһуттан наһаа тутуллубат буолан эрэбит.
Бу туһунан көрсүһүү кэмигэр Владимир Путин эмиэ ахтан ааста. Кини бэлиэтииринэн, билигин кэмиэрчэскэй эйгэҕэ дуолларынан, евронан төлөһүү биллэ аҕыйаабыт.
— Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн Арассыыйа уонна Турция икки ардыгар табаарынан эргинии 86 бырыһыанынан үрдээбит. Быйыл да ити көрдөрүүттэн түспэккэ турабыт. Оттон эйгэлэринэн ылан көрдөххө, аҥаардас тыа хаһаайыстыбатыгар, энэргиэтикэҕэ эрэ буолбакка, атын хайысхаларга эмиэ үлэлэһии элбээбитэ көстөр. Энэргиэтикэҕэ Турцияны кытары гаас ситимин тардыыга кэпсэтэн турабыт. Сотору кэминэн бу кэпсэтиилэрбит түмүктэнэн саҥа бырайыагы саҕалыахпыт диэн эрэнэбин. Ону сэргэ “Аккую” диэн атомнай электростанция тутуута салгыы бара турар. Быйыл муус устарга Арассыыйаттан атом оттуга тиийбитэ. Эһиил ыстаансыйа бастакы блогун үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт. Бу бырайыакка билигин 25 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлии сылдьар. Итини таһынан, тыа хаһаайыстыбатыгар Турцияттан Арассыыйаҕа табаар кэлэрэ элбээбитин, металлургия хайысхатыгар эмиэ бииргэ үлэлэһиибит үтүө түмүктэрдээҕин бэлиэтээн этиэм этэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар билигин табаарынан эргинии 7,4 млрд дуолларга тэҥнэһэн турар. Быйыл от ыйыгар диэри былырыыҥҥытааҕар өссө 19 бырыһыанынан элбээбит, — диэн этэр пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр Владимир Путин.
Санатан эттэххэ, Арассыыйа билигин Турцияҕа энэргиэтикэ өттүгэр улахан атомнай ыстаансыйа тута сылдьар. Бу эбийиэк Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр бастакы атомнай ыстаансыйа. Онон Арассыыйа, этэҥҥэ буоллаҕына, Турцияҕа биир улахан бырайыагын олоххо киллэриэхтээх. Турция да бу бырайыагынан энэргиэтикэтин, экэниэмикэтин биллэ тупсарыахтаах. Итини сэргэ гаас ситимин тардыыга, Европа дойдуларыгар гааһы атыылааһыҥҥа икки дойдулар улахан былааннаахтар. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, былырыын Турцияҕа гаас ситиминэн 21,5 млрд куб м гаас тиэрдиллибит. Турцияҕа гааһы мунньан тас дойдуларга атыылыыр буоллахтарына бу көрдөрүү хас эмэ төгүл өссө эбиллиэхтээх.
Реджеп Тайип Эрдоган пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр, бастатан туран, сир хамсааһыныгар, ойуур баһаарыгар Арассыыйа биир бастакынан кэлэн көмөлөспүтүн бэлиэтээн туран, махталын биллэрдэ.
— Арассыыйа дьонугар-сэргэтигэр, бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа кыһалҕалаах күммүтүгэр көмө-тирэх буолбуккутугар Турция норуотун аатыттан дириҥ махталбын тиэрдэбин. Билигин биһиги Арассыыйаны кытары хас да хайысханан үлэлэһэ олоробут. Владимир Владимирович бэлиэтээн эппитин курдук, атыыга-тутууга көрдөрүүбүт сылтан сыл үрдээн иһэр. Биһиги эрдэ бу көрдөрүүнү 100 млрд дуолларга тириэрдэргэ сыал-сорук туруорбуппут. Ону билигин хайа баҕарар ситиһэр туруктаахпыт, — диэн этэр кини. Атомнай ыстаансыйа тутуутун туһунан этэригэр Реджеп Эрдоган: “Билигин Турцияҕа “Аккую” бырайыак тутуута былаан быһыытынан бара турар. Салгыы Синоп куоракка атомнай ыстаансыйа тутуутун кэпсэтиэхпит дии саныыбын. Энэргиэтикэҕэ өссө биир улахан бырайыакпытын гаас ситимин хаҥатыы буолар, бу киэҥ киэлилээх уонна кэскиллээх бырайыак”, — диэн иһитиннэрдэ.
Хара муоранан сырыы
Икки дойду лиидэрдэрин көрсүһүүлэрин биир сүрүн төрүөтэ – Хара муоранан бурдук таһыытын сөргүтүү туһунан кэпсэтии этэ. “Биһиги кэпсэтиибитин аан дойду барыта кэтээн олорор. Бурдук дуогабарын салгыы ыытабыт дуу, суох дуу, ол барыбытын долгутар”, — диэн Реджеп Эрдоган мээнэҕэ бэлиэтээн эппэтэҕэ. Кырдьык, бу дуогабар салгыы хайдах салаллыаҕын аан дойду барыта кэтээн олорор.
Санатан эттэххэ, былырыын Стамбулга Арассыыйа, Украина, Турция уонна Хобоһуктаах Нациялар Тэриллиилэрэ бурдугу, мас арыытын, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар араас уоҕурдууну Хара муоранан мэһэйэ суох аһардыыга түөрт өрүттээх дуогабар баттаспыттара. Ол эрээри арҕааҥҥы дойдулар дуогабарга этиллибит Арассыыйа усулуобуйаларын толорбокколор, Хара муоратааҕы дуогабардаһыыны Арассыыйа от ыйын 18 күнүттэн тохтоппута.
Дуогабарга туох толоруллубата диир буоллахха, бастатан туран, Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр, уоҕурдууга үлэлии сылдьар хампаанньалар актыыптарын, счеттарын тас дойдулар аһалларыгар модьуйбута. “Россельхозбаан” тыа хаһаайыстыбатын баанын быһыытынан “SWIFT” систиэмэтигэр киирэрин, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, саппаас чаастарын тас дойдуттан аҕалыыны сөргүтүүнү туруорсубута. Ону таһынан Тольятти-Одесса хайысхатынан аммиак ситимин сөргүтэри, суудуналар тас дойдулар пуортарыгар мэһэйэ суох киириилэрин, страховкалааһын боппуруостарын быһаарыыны эппитэ. Бу этиллибиттэн ханнык да усулуобуйа, хомойуох иһин, толоруллубатаҕа.
Ону ааһан эрдэттэн кэпсэтиллибит дуогабарынан бу табаардар үгүстэрэ дьадаҥы дойдуларга тиийиэхтээхтэр этэ. Манна ол эрээри диирбитигэр тиийэбит, ХНТ отчуотуттан көрдөххө, биир сыллааҕы үлэ түмүгүнэн Хара муоранан таһыллыбыт бурдук барыта Евросойуус чилиэннэригэр тиийбит. Аны туран Украина бурдугунан саптан суудуналарынан саады-саадаҕы аҕалыыга туһаммыта биллибитэ. ХНТ-гэр Арассыыйа бэрэстэбиитэлэ Василий Небензя иһитиннэрбитинэн, “бурдук көрүдүөрэ” үлэлиэҕиттэн сааны кистээн таһыыга барыта 70 суудуна тутуллубут.
Аны эбиитин бу сайын Украина өттүттэн Крымҥа дроннарынан саба түһүү элбээн, Турцияҕа былырыыҥҥыттан хааллан олорбут Донбааска сэриилэспит “Азов” этэрээтин (Арассыыйаҕа террористическэй этэрээт быһыытынан биллэр) салайааччыларын Турция Украинаҕа биэрэн, уокка арыыны кутан биэрбиттэрэ. Онон бу дуогабары Арассыыйа салгыыра наадата суох буолан тахсыбыта.
Турция манна туох интэриэстээҕий? Бастатан туран, Турцияҕа тыа хаһаайыстыбатын сырьета, уоҕурдуу, бурдук, кэлэр. Иккиһинэн, Хара муора судаарыстыбаларыттан Арассыыйа уонна Турция бу муораны тутан олорор сүрүн дойдулар буолаллар. Онон манна иккиэн да интэриэстэрэ улахан. Владимир Путин бу көрсүһүү иннинэ Арассыыйа Африка дойдуларын кытары ыыппыт мунньаҕар бурдукка наадыйар дойдуларга сүүрбэ биэс тыһыынчаттан биэс уон тыһыынча туоннаҕа тиийэ босхо биэрэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Итини таһынан Катары кытары үлэлэһэн өссө биир мөлүйүөн туонна бурдук тиийиитин кэпсэтиэхтээхтэр. Оттон дуогабары уһатыы туһунан этэригэр Владимир Путин урут да эппитин курдук, Арассыыйа усулуобуйалара толоруллар буоллахтарына, дуогабар туох да боппуруоһа суох салҕаныахтаах.
Реджеп Тайип Эрдоган Арассыыйаҕа сырыытын кэнниттэн “бөдөҥ сүүрбэ” дойдуларын саммитыгар Индияҕа сылдьан бу боппуруоһу көтөхпүтэ. Ол эрээри билиҥҥитэ туох да “тыас” тахсыбата. Арай аан дойду прессата бу кэпсэтиилэр түмүктэринэн Хара муора дуогабарын эрдэ “бурдук көрүдүөрэ” диир буоллахтарына “Африкатааҕы көрдүдүөр” диэн уларытан биэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: