Бурдук умнаһыттан – турбааза дьиэтэ

Бурдук умнаһыттан – турбааза дьиэтэ

17.09.2023, 14:00
ХААРТЫСКА МИХАИЛ АЛЕКСАНДРОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Амма Покровкатын олохтооҕо Михаил Александров бурдук умнаһыттан – соломоттон туристическай бааза дьиэтин туппутун туһунан сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө.

Үс сыллааҕыта эмиэ бу курдук тылларынан тутааччы Михаил Александровы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтиибин саҕалаабытым. Ол ыстатыйам «Эдэр саас» саайтка «Соломо дьиэ – аныгы үйэ сүүрээнэ» диэн төбөлөөх тахсыбыта. Оччолорго олорор дьиэ туһунан эбит буоллаҕына, быйыл – турбааза дьиэтин туһунан сонун күөрэйэн таҕыста. Былырыын Михаил Александров уола Петр Михайлович Покровкаҕа сир ылан, турбааза дьиэтин аҕатынаан бурдук умнаһынан туппуттар.

ХААРТЫСКА МИХАИЛ АЛЕКСАНДРОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.

Бэртээхэй тутуу матырыйаала

Үс сыллааҕыта Михаил Александров туох санааттан соломоны дьиэ тутар матыры­йаал быһыытынан туттар идиэ­йэ киирбитин туһунан маннык кэпсээбитэ:

– Үгүс тутууттан ыраах дьон бурдук умнаһын – соломону тутуу матырыйаалын курдук ылыммакка, миигин, нууччалыы эттэххэ, бу туох «дилетанай?» дии санаабыттара чахчы. Биллэн турар, миэхэ биир күнүнэн «соломонан дьиэ тутар эбиппин» диэн өй киирбэтэҕэ.  Сааһым тухары тутуунан дьарыктаммыт киһибин. Ол эбэтэр, чуолкайдаатахха, 40-ча сыл тутууттан илиибин араарбакка үлэлээн кэллим. Дьэ, бу тухары тутуу эйгэтигэр сонун сүүрээни тобуларга араас идиэйэ киирэр буоллаҕа. Миэхэ бурдук умнаһыттан тутуу матыры­йаалын оҥоруу толкуйа киирбитэ быданнаата. Тыйыс усу­луобуйаҕа олорор дьон сүрүннээн итиини тутар матыры­йаалга санаабытын уурабыт. Мин бурдук умнаһыттан оҥоһуллар тутуу матырыйаалын технологиятын аан дойдуга хайдах тутталларын өр үөрэттим, ырыттым. Былырыын уопут ­атастаһыытын, сүбэлэһии быһыытынан Хотугулуу-Илиҥҥи университет иһинэн үлэлиир тутуу матырыйаалын үөрэтэр, чинчийэр «Якутск-эксперт» лабораториятыгар соломоттан оҥорбут матырыйаалбын холобур быһыытынан анаан киллэрэн бэрэбиэркэлэппитим, үөрэттэрбитим. Кинилэр онно матыры­йаал сылааһы тутарын чинчийэр анал научнай прибордардаахтар, тэриллээхтэр. Онно хас да ирдэбили ааһыахтааххын. Соломом сылааһы тутар көрдөрүүтэ үчүгэй түмүктэммитэ. Ол эбэтэр, чинчи­йии түмүгүнэн бурдук умнаһа мастааҕар 4 төгүл сылааһы тутара быһаарыллыбыта».

Интэриэһи тарта

Бурдук умнаһыттан дьиэ тутар сылларыгар Аммаҕа Ил Дархан Айсен Николаев кэлэ сырыттаҕына, улуус салалтата «маннык сонун сүүрээн баар» диэн, Покровкаҕа анаан аҕалан билиһиннэрэ сылдьыбыт. Онтон оройуон актыыбын мунньаҕар Аҕа баһылык Александровтар аныгы үйэ технологиятын тутуу матырыйаалын быһыытынан тутта сылдьалларын сэргээн, Тутуу, Экэниэмикэ, Ур­­баан уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр дьиэ тутуутун үбүлүүргэ сорудахтаабыт. Былырыын СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко кэлэн, соломо дьиэ тутуутун анаан үөрэппит. Онно Тутуу уонна Урбаан минис­тиэристибэлэрин эппиэттээх салайааччыларын кытта мустан олорон сүбэлэспиттэр, кэккэ быһаарыы ылыммыттар. 2021 сыллаахха СӨ инновация миниистирэ Анатолий Семенов Аммаҕа кэлэ сылдьан, Александровтары тутааччы Саха сирин Технопааркатыгар резидент буоларга ыҥырбыт. Биллэн турар, онно киирэн тутааччы быһыытынан аҕа­лаах уол мэтэдиичэскэй да, тиэхиньиичэскэй өттүгэн улахан өйөбүлү ылбыттар. «Кинилэр көҕүлээһиннэринэн, «Инновацияны өйүүр пуонда» федеральнай тэрилтэ куон­куруһугар кыттан, кыайыы кынаттаммыппыт. Былырыын ахсынньыга чинчийэр-үөрэтэр үлэҕэ грант ылбыппыт. ХИФУ инженернэй-тиэхиньии­чэскэй институтун кытта дуогабар түһэрсэн, научнай үлэһит ­анаабыттара. Сыл устата дьиэ­битин учуонайдар үөрэтэн баран, быйыл түмүк таһаарыахтара. Онон улахан научнай үлэ суруллан бэлэм, көмүскэнэрэ эрэ хаалла», – диэн кэпсиир Михаил Петрович.

ХААРТЫСКА МИХАИЛ АЛЕКСАНДРОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.

Соломо ыыра кэҥээтэ

Амма тутааччытын кытта кэпсэтэ олорон, мин кини үс сыллааҕыта эппитин са­­наан ыллым: «Социальнай ситимнэргэ «соломо куту­йах аһылыга буолуоҕа», «умайан хаалыаҕа», «Ниф-Ниф, Наф-Наф дьиэтэ» биир тыалга ону кытта барыаҕа», «харчы тоһутар ньыманы тобулбут» дииллэрин ааҕа-ааҕа санаам холлор. Сааһым тухары харчы «тоһуппутах» киһибин. Тутууга үлэлээбит уопуттаах киһи тутуу матырыйаала «кутуйах аһылыга» буоларын-буолбатын би­­лиэм суоҕа дуо? Саарбахтыыр өрүттэрбэр анал исписэлиистэри, учуонайдары кытта сүбэлэһэн оҥоробун». Дьэ, үс сыл устата Михаил Александров ылсыбыт дьыалатын өссө кэҥэтэн, ыыра ыраатан олорор.

– Бу аан дойдуга суох холобур. Арассыыйа эрэгийиэннэрин соломоттан дьиэ туппут холобурдарын интэри­ниэттэн билсэн, үөрэтэ сылдьабын. Ол курдук, маннык дьиэлэри Краснодарскай кыраайга, Татарстаҥҥа, Красноярскайга Подмосковьеҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга уонна Иркутскайга туталлар эбит. Онон мин Саха сиригэр боруобалаан тутааччы буолабын. Бу эрэгийиэннэргэ хо­­лоотоххо, мин холобурум быдан атыннааҕа чахчы. Биһиги усулуобуйабытыгар сонун сүүрээни киллэрии уустук.

Билигин Арассыыйа эко-тутааччыларын ассоциацияларыгар киирсэбин. Бэйэбит со­­циальнай ситимҥэ бөлөхтөөхпүт. Онно араас сүбэ-ама, санаа атастаһыытын ыытабыт.

Соломо тутуу матырыйаалын быһыытынан үлэтэ судургу эбит. Пресстиир тэрил, ыстаныак наада. Уоннааҕытын технология ирдэбилинэн оҥорон таһаараҕын. Онтон «хотуобай истиэнэлэри», били, «Лего» диэн оҕо оонньуурун хому­йар курдук, икки күн иһигэр хомуйан уурбуппут. Ити үс сыллааҕыта. Билиҥҥи ньымабыт арыый уратылаах. Соломо анал ыстаныакка ыга баттанар (пресс).  Ханан да салгын оонньообот гына бүтэй буолар. Кутуйах киирбэтин курдук анал сиэккэлэнэр.  Иһин-таһын кумаҕы уонна туойу булкуйан сыбыыбыт. Үс сыл эркиммитин арыйан көрө-көрө кэтээтибит – олох сиигирбэт эбит. Соломо син биир мас курдук тыынар. Сииги иҥэринэн баран, көтүтэн кэбиһэр. Ол аата салгылыыр. «Саха» НКИХ суруналыыстарын кытта уста турдахтарына «газовай горелканан» умата сатаабыппыт да, кыаллыбатаҕа. Онон былырыын анал тустаах бэрэбиэркэни ааһан, «Уоттан куттала суох» сэртипикээти ылбыппыт, – диэн бэлиэтиир сэһэргэһээччим.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: